Бастыҥтан бастыҥнар "Үлэ киһитэ" бириэмийэни туттулар
Главное
-
29 ноября в 11:24Педагоги из Якутии вошли в финал конкурса на присуждение Всероссийской детской премии
-
29 ноября в 10:55Анатолий Семенов встретился с бойцами Якутского отряда БПЛА
-
29 ноября в 10:28В Якутии осужден уроженец Алтайского края за незаконное хранение боевого оружия
-
29 ноября в 10:02Верхом на якутских лошадях до Монголии. В Якутию вернулись путешественники-коневоды
Үлэ киһини киэргэтэр. Үлэ киһини кынаттыыр. Күөх Маай уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран Ил Дархан Айсен Николаев "Үлэ киһитэ" бириэмийэни арыйда. Быйыл үгэс быһыытынан 50 киһи үрдүк наҕараадаҕа тигистэ.
Олоҕун култуураҕа анаабыт Елена Кутукова бүгүн Ил Дархан илиииттиттэн наҕараада тутта. 50 сыл устата төрөөбүт Намын Култууратын киинигэр бэринилээхтик үлэлээбит сырата үрдүктүк сыаналанна.
Елена Кутукова, "Үлэ киһитэ" бириэмийэ лауреата: "1986 сылтан хормейстырынан, ол иннинэ кыра кулууптарга уус-уран салайааччынан, дириэктэринэн үлэлээбитим. Өрөспүүбүлүкэҕэ буолар күрэхтэргэ барытыгар кыттабыт. Бииргэ үлэлиир Шестаков аатынан Култуура киинин үлэһиттэригэр махтал. Ону тэҥэ Култуура министиэристибэтигэр улахан махталбын тириэрдэбин".
Бу күн араас эйгэттэн үлэһиттэр наҕараадалары туттуллар. Бириэмийэ 300000 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Оттон, бу биллэн турар, лауреат буолбут киһиэхэ олус суолталаах. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар 40 сыл устата эмиэ бэринилээхтик үлэлии сылдьар Татьяна Дьяконова "Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ экономиһа" үрдүк аатынан наҕараадаланна.
Татьяна Дьяконова, "Үлэ киһитэ" бириэмийэ лауреата: "Бачча сылларга диэри миигин, мин дьиэ кэргэммин идэм иитэн кэллэ. Онон идэбэр махтанабын. Экономист идэлээх эдэр дьоҥҥо идэҕитин таптааҥ, сайдан иһиҥ, куруутун билиигитин кэҥэтиҥ, саҥаттан саҥаҕа ылсан иһиҥ диэн баҕа санаабын этэбин".
Бириэмийэни туттарыы кэмигэр ыраах Абыйтан, күн-дьыл туруга туран биэрбэккэ, хойутаан көтөн кэлбит Дмитрий Саввиҥҥа Ил Дархан иккистээн төхтөрүйэн кэлэн наҕараадатын туттарда.
Дмитрий Саввин, "Үлэ киһитэ" бириэмийэ лауреата: "Аэропортка көрүстүлэр. Иккистээн төннөн кэлэн туттарар диэни билбэтэҕим, көннөрү күүтэллэр диэбиттэрэ. Олус улахан наҕараада. Маннык бириэмийэни киһи олоҕор биирдэ ылар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэйэтэ туттарыыта миэхэ улахан чиэс".
Манна даҕатан эттэххэ, былырыын үлэ кэлэктииптэриттэн 194 сайаапка киирбит эбит буоллаҕына, быйыл икки төгүл элбээбит. Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн бу бириэмийэни сыллата туттарыахтара.