Төрүт үгэһи сайыннара аналлаах Вера Колпашникова
Главное
-
23 ноября в 10:59В Усть-Янском районе пропали двое мужчин
-
23 ноября в 09:40В Якутии завершаются паромные перевозки по маршруту "Жатай - Техтюр"
-
23 ноября в 08:21Многодетные семьи могут бесплатно посетить мероприятия культурных учреждений Якутии
-
23 ноября в 07:43В Усть-Майском районе в результате ДТП пострадала несовершеннолетняя
2 этээстээх мас уораҕайга уопсайа 35 араас түмсүү, 120 киһи дьарыктанар. Вера Колпашникова бу дьиэҕэ дириэктэнэринэн ананан кэлиэн иннинэ, бастаан култуура дьиэтигэр дириэктэрдиир этэ, онон туох баар айар түмсүүлэр үлэлэригэр кыттыһар, көҕү олохтооччу буолар. Бэйэтэ Орто Халыматтан төрүттээх буолан, улууһун култууратын, таҥаһын-сабын, төрүт оҥоһуктарын илдьэ сылдьар. Киин улуустар көрөллөрүгэр, билсэллэригэр олус интэриэһинэй устуоруйалаах эбит.
Саамай интэриэһинэй оҥоһугунан көлүөнэ ситимин кэрэһэлиир көнтөс буолар. Вера Колпашникова хос эбэтэ 19-20-с үйэҕэ саҕалаабыт көнтөһө билигин да салҕанар. Аҥаардас бу биир оҥоһугунан сахалар иискэ буочардара хайдах уларыйбытын үөрэтиэххэ сөп. Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ айылҕаттан ураты айдарыылаах киһи диири киһи саарбахтаабат. 2022 сыллаахха түүлүгэр кэлэн улахан сөрүөнү оҥор диэн сорудахтаабыттарын, бэриллибит кэрчигэр бүтэрбитин кэпсээтэ.
Вера Колпашникова, Ленскэй нэһилиэгин Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ: «Сөрүөм 16 сааспар үлэһит буолбуппунан 16 халлааннаах, сэттис оҕонон күнү сирин көрбүппүнэн 7 оһуордаах. Ортотугар дьиэ кэргэним ойууланар, онтон эргиттэххэ урууна суруга тиһилиннэ”.
Олоҥхо дьиэтигэр саха таҥаһын арааһа баар. Бэйэтин төрөөбүт улууһун усутуоруйатын, өбүгэлэрин оһуорун утумнаан билигин Нам улууһугар урукку соннору, сэдэх оһуордары түһэрэн сөргүтүүнэн дьарыктанар. Хас биирдии үлэһитигэр сахалыы сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы таҥаһы тиктэрэр. Кыыл тириититтэн оҥоһуллубут соннорун ымпыгар-чымпыгар тиийэ кыһанар. Тиистэрин, харахтарын таксидермиянан дьарыктанар дьонтон булар.
Вера Колпашникова, Ленскэй нэһилиэгин Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ: «Олохтоох дьаһалтаҕа сурук түһэрэммин, Ленскэй нэһилиэгэр муус устар төрдүс бэнидиэнньигин Саха таҥаһын күнэ диэн дьаһал таһааттарбытым. Онон 2017 сылтан саҕалаан бу күн улахан сомоҕо хаамыы буолар, саха таҥаһын көрүү-истии, маастардар таҥастарын сыаналааһын тэрээһиннэрэ ыытыллаллар. Өссө саҥа улахан уораҕайга көстөрбүт үлэбит хас эмэ бүк улаатыа этэ».
Өбүгэ дьарыгын утумнуур ураты көрүүлээх Вера Колпашникова олоҥхотун дьиэтин салгыы сайыннарарга күүскэ турунар. Сыл аайы дойду, өрөспүүбүлүкэ грааннарыгар ситиһиилээтик кыттан, аныгы тиэхиньикэнэн хааччыллар.