Суол өрөмүөнүн “Азия оҕолоро” оонньууларга диэри түмүктүүр сорук турар
Главное
-
29 ноября в 17:24Педагоги из Якутии вошли в финал конкурса на присуждение Всероссийской детской премии
-
29 ноября в 16:55Анатолий Семенов встретился с бойцами Якутского отряда БПЛА
-
29 ноября в 16:28В Якутии осужден уроженец Алтайского края за незаконное хранение боевого оружия
-
29 ноября в 16:02Верхом на якутских лошадях до Монголии. В Якутию вернулись путешественники-коневоды
"Азия оҕолоро" спортивнай оонньуу иннинэ Дмитрий Садовников суол-иис туругун билистэ. Кини Дьокуускайга "Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар" национальнай бырайыагынан олоххо киирэр эбийиэктэри кэрийдэ уонна киин куорат суолларыгар дьаамалары абырахтааһын үлэтин билистэ. Быраабыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, эбийиэктэргэ бэлэмнэнии үлэтэ кулун тутарга саҕаламмыт уонна матырыйаал барыта кэлэн турар.
Дмитрий Садовников, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: "Ыам ыйыттан аспаалы ууран саҕалыахпыт диэн эттилэр. Ааспыт сыллардааҕы сыыһалары учуоттаан туран, быйыл эрдэ бүтэрэр курдук үлэлиэхпит. Туруоруллубут сыал болдьоххо диэри ситиһиллиэҕэ"
Дмитрий Садовников эбийиэктэри көрүү кэннэ, үлэни үрдүктүк сыаналаата. , - диэн кини бэлиэтээтэ.