"Ийэ доруобуйата" искэҥи сэрэтэр бырагыраама көдьүүстээҕин көрдөрдө
Главное
-
29 ноября в 13:19В Якутии бывший начальник отдела полиции осужден за получение взятки
-
29 ноября в 13:18Айсен Николаев возложил цветы к памятнику Максиму Аммосову в Бишкеке
-
29 ноября в 13:11В Якутии браконьеры предстанут перед судом за незаконную добычу сибирского осетра
-
29 ноября в 13:02На объекте строительства Ленского моста завершается бетонирование свай первой опоры
Эдэр онколог быраас Туяра Сосина дьахтар ууһуур уорганыгар тахсар искэҥи эмтээһиҥҥэ үлэлиир. Саха сиригэр "Ийэ доруобуйата" диэн ыарахан ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ туһуланар бырайыак үлэлиэҕиттэн көрөр дьонун ахсаана өссө элбээтэ. Бу үчүгэй. Тоҕо диэтэр төһөнөн эрдэ булуллар да, соччонон эмкэ бэринэр. Маатка искэҥигэр анкетаны 12 тыһыынчаттан тахса дьахтар толорбут. Мантан ыалдьар кутталлаах буолуон сөп дии санаабыттарын салгыы бэрэбиэркэҕэ ыҥыраллар.
Туяра Сосина, Дьокуускайдааҕы онкология диспансерын гинеколог - онколог бырааһа: "Ол кэнниттэн 5 тыһыынчаттан тахса дьахтара скриниҥҥа ыҥырбыппыт. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 3 маатка араагын буллубут. Анкета 12 ыйытыылаах, бырагыраама араак үөскүүр куттала баар диэн быһаардаҕына салгыы бэрэбиэркэҕэ бараллар".
"Ийэ доруобуйата" диэн бырайыак Саха сиригэр кулун тутар саҥатыттан бары улуустарга үлэлээбитэ. Итиэннэ номнуо 25 тыһыынчаттан тахса дьахтар сэрэтии бастакы түһүмэҕин ааста. Сүрүн сыал өрөспүүбүлүкэ 40 аҕа саастаах кэрэ аҥаардарын 90 бырыһыанын хабыы.
Феодосия Иванова, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай онколога, профессор: "Анкетаны хас биирдии дьахтар бэйэтэ толорор. Онтон бырагыраама бэйэтэ талан ылар. Бу скрининговай чинчийии сүрдээх көдьүүстээх буолла. Ол курдук эмиий уонна маатка искэҥэ буолбут уонча дьахтары буллубут".
Өрөспүүбүлүкэҕэ сыллата 100 тахса дьахтарга төрүүр-ууһуур уорганыгар искэҥ тахсыбытын булаллар. Хомойуох иһин, Саха сиригэр маатка араагынан ыалдьыы сааһа эдэр, 30 саас. Оттон дойдуга бу көрдөрүү 50 сааска тэҥнэһэр. Онтон түөс искэҥэ өссө икки бүк элбэх, сылга 250 дьахтар ыалдьар. Онон сэрэтии үлэтигэр үгүс күүс ууруллар. Маныаха саҥа бырайыак алта ийэҕэ эрдэ, бу ыарыыны кыра эрдэҕинэ буларга көмө буолла.
Айыына Соркомова, Дьокуускайдааҕы онкология диспансерын маммолог - онколог бырааһа: "13,5 тыһыынча дьахтар анкета толорбутуттан, тыһыынчаттан салгыы бэрэбиэркэни аастылар. Олортон 16 киһи дириҥ чинчийиини онкология диспансерыгар аастылар. Онтон 6 дьахтарга 1-2 стадиялаах искэҥ баара биллибитэ".
Саҥа онкология киинэ үлэҕэ киириэҕиттэн поликлиника салаатыгар номнуо 9 тыһыынча кэриҥэ көрдөрүннэ. Мантан аҥаардара бастакытын бэрэбиэркэлэнээччилэр. Бу дьонтон үгүстэрэ "Ийэ доруобуйата" бырайыак кыттыылаахтара. Бу аахсыйа сүрүннээн оҕолонон олорор ийэлэргэ, бокуойа суох үлэҕэ сылдьар дьахталларга үгүс бириэмэни бараабакка кытталларыгар ананан оҥоһуллубут.
40 үөһэ саастаах дьахталлары барыталарын бу бырайыакка кытталларын ыҥыраллар.