Суолу оҥоруу үлэтэ тэтимнээхтик барар

129

Массыыналар утуу-субуу чалбаҕынан, дьааманан тэлгэммит Чепалов уулуссатын устун айанныыллар. Дэхситэ суох, оллур-боллур буолбут уулусса хаһыс да сылын тимир көлөлөөхтөрү сордообута, аймаабыта ыраатта. Кыһыҥҥы хаары кытары суоллара саас аайы ирэн, ууллан сатыы да киһи мээнэ сылдьыбат сиригэр кубулуйар.

Улахан кыамталаах тиэхиникэ күннэтэ кумаҕы, тааһы тиэйэн суолу тэҥниир үлэҕэ сүүрэр. Киин куорат Залог дьоҕус оройуонугар Чепалов уонна Чкалов уулуссаларын биир бастакыннан өрөмүөннээн саҕалаатылар.

Аан бастаан суолу кутуохтарын иннинэ чалбаҕын, уутун оботтороллор. Улахан уута суох буолбутун кэннэ дьэ улахан кыамталаах массыына суолу тэҥниир, буору кутар. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр суол тэҥнэнэн бүтэр.

Дмитрий Васильев, "Якутдорстрой" тэрилтэ суоппара: «Чкалова уулуссаны оҥоро сылдьабыт. Күҥҥэ ортотунан 2-3 суолу кутан дэхсилиибит. Өрүс кумаҕын кытта щебенка кутабыт, маннык састаап күүскэ дьиппинийэр, онон суол оҥорууга табыгастаах».

Можайскай уулуссаҕа эмиэ өрөмүөн үлэтэ тэтимнээхтик барар. Былырыын бу уулуссаны 4 балаһаҕа диэри кэҥэппиттэрэ. Сорох чааһын аспааллаабыттара. Билигин 3 килэмиэтир усталаах уу ааһар сирин оҥороллор. Үлэһиттэр хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр.

Иван Готовцев, бэдэрээччит: «Билигин уу сүүрэр хардьаларын уура сылдьабыт. 3 килэмиэтиртэн тахса сиргэ ууруохпут. Оонньууларга диэри “Сулус” спорткомплекса диэри тиийиэхтээхпит. Былырыын 1 килэмиэтир сири аспааллаабыппыт. Уу сүүрэр турбаларын угаттаабыппыт, онтон быйыл аспааллаан бүтэриэхтээхпит».

Күүтүүлээх Можайскай уулусса өрөмүөнэ аны сайын түмүктэниэҕэ. Билигин суол тас бараанын, инженернэй ситимнэрин бүтэрэн баран аспааллыыллара эрэ хаалла. Онтон салгыы суол бэлтиэлэрин туруоруохтара, уруһуйдуохтара.

Ньургустан Семёнов, учаастак маастара: «бу тэрилтэҕэ үлээбитим икки сыл буолан эрэр. Геодезист аппарааттарын туһанан үлэлиибин. Барыта быарайыак быһыытынан үлэ барар».

Мантан саас, сайын Дьокуускай куоракка үгүс элбэх үлэ күүтүллэр. Киин куорат иһин эрэ буолбакка, куорат таһынааҕы учаастактарга, атыннааҥҥы нэһилиэктэргэ барыахтара. Куорат киин өттүгэр суолга ыытыллыахтаах үлэлэр «Азия оҕолорун» оонньууларын иннигэр түмүктэниэҕэ.