Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ

83

Саха норуотун тумус туттар бастыҥ айымньыта  "Ньургун Боотур"  опера Казахстаан тыйаатырын сыанатыгар. 200 тахса артыыс кыттыылаах улахан туруоруу толору сааланы муста. Бу "Ньургун Боотур" тас дойдуга бастакы туруута. Ордук төрүт үнүстүрүмүөннэри туһанан, сахалыы кылыһах ырыатын классическай опера партияларыгар табыгастаахтык наардааһыны сэҥээрдилэр. Маны сэргэ, биллэн турар, артыыстар үрдүк талааннара,  чаҕылхай көстүүмнэр. Көрөөччүлэр улаханнык биһирээбиттэрин биллэрэн, испиктээкил кэнниттэн өргө диэри ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

Александр Жирков, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: “Саха “Ньургун Боотурун” казаах тылыгар тылбаастыы сылдьар дьону кытта көрүстүбүт. Бу күннэртэн биир үтүө түмүк, мин саныахпар, саха олоҥхото уонна казаах эпическэй айымньыта биирдэрэ сахалыы, биирдэрэ казаахтыы саҥарыыта буолуоҕа”.

Саха кыл кырыымпата казаах сиригэр-уотугар тыаһыыр. Бу омуктарга эмиэ кыл-кобыз диэн төрүт үнүстүрүмүөннээх буолаллар тута сүрэхтэрин ортотунан аһардылар. Барыта Саха сириттэн 50 тахса төрүт үнүстүрүмүөн көрдөрүүгэ турда.  

Мария Корнилова, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ: “Биһиги Алма-Аты куоракка музейдар сомоҕолоһууларын кытары илии баттаспыппыт. Ол чэрчитинэн бу маҥнайгы тэрээһиммит буолар. Биһиги түмэлбит пуондатыттан 50 тахса музыкальнай үнүстүрүмүөн кэллэ”.  

Саха сирин өссө биир киэн туттуута "Кыыс Дэбилийэ" испиктээкил. Олоҥхо тыйаатырын туруоруута Саха сирин күннэрин биир чаҕылхай тэрээһинэ. Артыыстар итэҕэтиилээх оонньууларыгар казаах көрөөччүлэрэ саха олоҥхотун дириҥ суолтатын уонна ураты эйгэтин сыаналаатылар. Онтон биир дойдулаахтарбыт төрүт тылларын истэн дойду ахтылҕанын таһаардылар.

Алексей Егоров, Астана олохтооҕо: “Маннык делегация кэлэрэ олус үчүгэй. Бэйэбит төрүт туруоруубутун көрдүбүт”.

Олоҥхо тыйаатырын туруоруутун анаан - минээн үгүс киһи кэлэн көрдө. Олор истэригэр эдэр худуоһунньук Ясмым Орна 

Ясмым Орна, тыйаатыр туруорааччы худуоһунньуга: ""Бу испиктээкилгэ мин анаан - кинээн сырыттым. Сүрүннээн туруоруутун уонна көстүүмнэрин көрөөрүбүн. Олус диэн сөхтүм, астынным. Бэйэм үлэбэр үгүһү бэлиэтии көрдүм, иэйии ыллым".

Саха сирин аан дойдуга аатырдар "Виртуозы Якутии" скрипачтар ансаамбыллара Астана олохтоохторугар улахан кэнсиэри бэлэхтээтэ. Музыка эйгэтигэр сыһыаннаахтар маннык үрдүк таһымнаах кэнсиэргэ сылдьар бырааһынныьык, үрдүк чиэс диэн сыаналаатылар.

Култуура тэрээһиннэрин сэргэ экономика, айти индустрия, туризм хайысхаларыгар кэскиллээх сыһыан барда. Ол курдук  өрөспүүбүлүкэ сайдыытын корпорацията Казахстаан креативнай индустриятын Альянсын кыттан сөбүлэҥ баттаста. Маны сэргэ ойду Хотугу уобалаһын кытта Саха сирэ бииргэ үлэлэһиэҕэ. Ол курдук атыы - эргиэн, билим, социальнай-гуманитарнай бииргэ үлэлэһии тутуһунан илии басттастылар.