Салгын олбохтоох суудуналар саҥа сиртэн сылдьаллар
Главное
-
29 ноября в 15:07Вкус Якутии. В столице региона проходит гастрономический фестиваль
-
29 ноября в 14:18Глава Якутии встретился с Чрезвычайным и Полномочным Послом РФ в Киргизской Республике
-
29 ноября в 14:17В Якутске отметили 90-летие со дня основания школы №7
-
29 ноября в 14:00Помощь профсоюзов Якутии участникам СВО и их семьям превысила 280 миллионов рублей
Суудуналар хоҥнор билиҥҥи саҥа станциялара урукку 203 микрооройунтан 600-чэкэ миэтэрэ тэйиччи баар. Кыһыҥҥы суол сабыллыаҕыттан, дьону тиэйиинэн бастакынан тимир суол айанньыттарыгар трансферы оҥорор "Лена-транс" хампаанньа үлэлээн саҕалаата. Билигин 6 аал күннэтэ дьону Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри таһар. Салгыы иккис таһааччы тэрилтэ рейскэ таҕыстаҕына, суудуналар ахсааннара элбиирэ күүтүллэр.
Мария Пономарёва, айанньыт: "Бэҕэһээ кэлэрбитигэр 203 айаннаабыппыт. Онтон бүгүн көспүтүн билэн саҥа сиртэн айаннаатыбыт".
Саҥа сиртэн айан сырыыта тэриллэрин сорох дьон билбэт эбит, үөрэммиччэ 203 микрооройуон тохтобулугар кэлэллэр. Уунан, мууһунан айанныыр хас да техникэ айаннааччылары көһүтэн турар. Ыытааччылар сезон саҕаланан сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьаллар, ол эрээри саҥа ситэ оҥоһулла илик сиргэ көспүттэрин соччо сөбүлээбэттэрин этэллэр. Номнуо хас даҕаны хивус төтөрү-таары рейс оҥордо. Айаннааччы даҕаны аҕыйаҕа суох, биирдиилээн субуллан кэлэ тураллар.
Гаврил Попов, айанньыт: "Сыананы наһаа таһаарбакка, сөбүгэр соҕус буолуон наада. Тохтуур сири дьиэлэртэн тэйиппиттэрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа".
Айан төлөбүрэ 2 тыһыынча бу муҥутуур сыана буолбатах, салгыы өрүскэ балаһыанньа уустугурдаҕына 3-4 тыһыынчаҕа диэри үрдүөн сөп. Кангалаас- Суотту, Мэҥэ Алдан-Кэскил хайысхаларынан дьону эмиэ салгын сыттыктаах суудуналар таһыахтара. Дьон ирбистары түргэнник айанныылларын иһин сүрүннээн ордороллор. Ол курдук, 20чэ мүнүүтэнэн утары биэрэккэ тиксэҕин.
Светлана Пудова, айанньыт: "Суол номнуо алдьаммыта көстөр, уу, бадараан бөҕө. Онон “подушканан” сылдьар, биллэн турар, куттала суох".
Дьокуускай-Алараа Бэстээх хайысханан сатыы сылдьааччылары сыллата 30 Хивус суудуна, 8 аэробот уонна 3 Нептун диэн суудуналар таһаллар. Өрүскэ уу күннэтэ элбии турар, халлаан биллэ сылыйан муус ууллуута тэтимирэн иһэр. Уу таһыма үрдүү илик эрээри, арыылартан уу сүүрүүтэ киириитэ түргэн. Ол иһин намыһах сир уунан тута туолан иһэр.
Дьокуускайга Хатас- Павловскай хайысханан өрүс суола ааспыт нэдиэлэ ортото сабыллыбыта. Киириигэ шлагбаум түһэн турар, сырыы сабыллына диэн суол-иис бэлиэлэрэ ыйаллар. Онон дьэ мантан инньэ хааттарыы саҕаланна. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ Өлүөнэ өрүскэ биир да муус суола үлэлээбэт. Мууска тахсыы булгуччу бобуллар, маныаха анал бэрэбиэркэ рейдэлэри ыытыахтара.
Айаны тэрийээччи иккис хампаанньа "Ленаводсервис" тэрилтэ дьону тиэйиигэ-таһыыга кэлэр нэдиэлэ ортотуттан киириэҕэ. Өрүскэ муус уһуннаҕына, айанньыттары аэроботка көһөртөөн туоратыахтара. Кинилэр мууһунан көҥүл сылдьар кыахтаахтар.
Маннык быыһык кэм балтараа ый кэриҥэ салҕаныаҕа. Билигин мууска тахсар көҥүллэммэт, ол эрээри тугу да кэрэйбэккэ айанныыр дьон син биир баар, онон көҥүлэ суох өрүһүнэн айантан туттунарга сүбэлииллэр. Оттон кэлэр ыам ыйын бүтүүтүттэн Өлүөнэ эбэ устун паромнар сырыылара саҕаланыа турдаҕа.