АГАТУ Өктөмнөөҕү филиала 100 тыһыынча бэһи атыыга таһаарыа
Главное
-
29 ноября в 15:07Вкус Якутии. В столице региона проходит гастрономический фестиваль
-
29 ноября в 14:18Глава Якутии встретился с Чрезвычайным и Полномочным Послом РФ в Киргизской Республике
-
29 ноября в 14:17В Якутске отметили 90-летие со дня основания школы №7
-
29 ноября в 14:00Помощь профсоюзов Якутии участникам СВО и их семьям превысила 280 миллионов рублей
Тимир турбалар быһыллан бэлэмнэнэллэр. Арктическай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын биир тутаах үлэһитэ, хаһаайыстыба чааһын салайааччы Федор Тимофеев бэйэтэ болгарка инструмены ылан үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар. Үөрэх кыһатын эр дьоно биир күргүөмүнэн мас питомнигын тутууга буһаллар-хаталлар.
Фёдор Тимофеев, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын административнай - хаһаайыстыбыннай салаатын салайааччы: "Биһиги улахан бырайыакка ылыстыбыт. Лесопитомник тутуутун саҕалаатыбыт. Билигин каркааһын туруордубут, онтон ис бараанын оҥорууга киириэхпит. Үүнээйилэри тымныы сиртэн тэйиччи туруорар гына анал уйалар оҥоһуллуохтара, ууну кутар систиэмэлээх буолуо. Олус интэриэһинэй тутуллаах теплица эбит. Маны таҥыытыгар да бүрүөһүнүгэр да көрүөххэ сөп. Холобур, бүрүөһүнэ ультрафиолеты кыччатар, күлүгүрдэр, сииги аһардар. Онон биһиэхэ олус интэриэһинэй, устудьуоннарга өссө бүк".
Быйыл аан бастакытын тустаах үөрэх кыһатыгар мас питомнига арыллыаҕа. Бу сыалтан Өлүөхүмэ улууһун Солянкатын лесопитомнига олоччу Өктөмҥө көһөн кэллэ. Билигин бу теплицаны дьэндэтии үлэлэрэ түмүктэннэ эрэ, маһы олордуу саҕаланыа.
Питомнигы тутуу икки нэдиэлэ анараа өттүгэр саҕаламмыта. Тутуу уопсай иэнэ 400 кыбадыраатынай миэтэрэ, манна 145 тыһыынча бэс мас олордуллуоҕа.
Баһаам элбэх бэс мас манна олордуллуохтаах. Ол курдук, 145 тыһыынчаттан былаан быһыытынан 100 тыһыынчата олоччу ситиэхтээх. Мастары үлэһиттэр уонна устудьуоннар көрүүлэринэн-истиилэринэн улаатыннарыахтара. Сүрүн сыал-сорук - 8-9 см уһуҥҥа диэри маһы үүннэрии. Онон Өктөмнөөҕү филиалга улахан үлэ бараары турар.
Сахайаана Павлова, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын дириэктэрэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора: "Сүрүн университеппытыгар маннык питомник тутуллан үлэлээбитэ хас да сыл буолла. Онтон Өктөмнөөҕү филиалга маннык үлэ маҥнайгытын ыытыллар. Өлүөхүмэттэн көстө, билигин таҥыы үлэтэ бара турар. Үлэҕэ киирдэ эрэ 145 тыһыынча маһы олордуохтаахпыт. Онтон 100 тыһыынчататын этэҥҥэ улаатыннаран атыыга таһаарар былааннаахпыт. Туһааннаах исписэлиистэр Екатеренбург куоракка баар пинтомникка үөрэнэн кэллилэр".
Теплицаны дьэндэтии үлэлэрэ ыам ыйын бастакы күннэригэр түмүктэниэхтээхтэр уонна бастакы мас оҕолоро саҥа теплицаҕа киириэхтэрэ.