Саха сиригэр айыллыбыт сиэмэлэри ыһыыга бэлэмнииллэр
Главное
-
29 ноября в 15:07Вкус Якутии. В столице региона проходит гастрономический фестиваль
-
29 ноября в 14:18Глава Якутии встретился с Чрезвычайным и Полномочным Послом РФ в Киргизской Республике
-
29 ноября в 14:17В Якутске отметили 90-летие со дня основания школы №7
-
29 ноября в 14:00Помощь профсоюзов Якутии участникам СВО и их семьям превысила 280 миллионов рублей
Хас биирдии сиэмэ илиинэн ыраастанар. Сүөһү эбии аһылыгар олордуллар "Мегинский" диэн күкэр оту Матрена Ноговицына бу курдук сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри араарар. Күҥҥэ ортотунан 300 г ыраастыыр. Оттон былаана улахан куул. Билигин саамай сүрүн үлэ - сиэмэ.
Матрёна Никитина, АГАТУ устудьуона: «Күкэр от сиэмэтин ыпаастыыбын. Ыарыыта кыра хара буолан сиидэ кыайбат. Ол иһин илиинэн эрэ ыраастанар. Мастаан массыынаҕа, онтон сиидэнэн ол кэннэ илиинэн ыраастыыбыт».
Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтун Покровскайдааҕы салаатыгар ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнии номнуо кулун тутартан саҕаламмыта. Сүөһү эбии аһын селекциялыыр лаборатория уопсайа барыта 9 элбэх сыллаах от сиэмэтин айан хаһаайыстыбаларга тарҕатар. Быйылгы былаан 3 туонна сиэмэни хомуйуу. Бу хайа да сыллааҕар элбэх. Онтон лаборатория саҥа айыыта "Мегинский" диэн күкэр от. Саха сирин кыһынын, алаас кураанын, туустаах сири тулуйар.
Валентина Алексеева, СӨ ТХНЧИ сүөһү эбии аһылыгын селекциялыыр лаборатория сэбиэдиссэйэ: «Саҥа суорт. Инньэ гынан питомниктарга супер элитаҕа саҥа тахсан сылдьар. Онтон 2025 сылтан элитаҕа биэриэхпит».
Онтон хортуосканы харайар ыскылаакка үлэ үмүрүйэн эрэр. Сиэмэ номнуо наарданан, хаһаайыстыбаларга тарҕатыы тэтимнээхтик барар. Саха учуонайдара айбыт "Якутяночка" суорду ордук хамаҕатык ылбыттар.
Наталья Константинова, СӨ ТХНЧИ хортуосканы селекциялыыр лаборатория агронома: «Бүтэһик уйабытын наардыы сылдьабыт. Бу күннэргэ Өлүөхүмэ “Сагыйахтаах” хаһаайыстыбата кэлэн 37 туонна Якутянка ылла уонна 20 туонна Вармас. Итинник хаһаайыстыбалар элбэхтии туоннаны ылаллар. Бэйэбит суорпут аһа элбэх буолар, 40-45 күнүнэн ситэр».
"Преленская" диэн сэлиэниһинэй оройуоннаммыта хаһыс да сылыгар барда. Ол эрэн син биир учуонайдар чопчу кэтээһиннэригэр сылдьар. Сыллата сиэмэ хаачыстыбатын, төһө тахсарын чинчийэн көрүү булгуччулаах.
Юлия Винокурова, СӨ ТХНЧИ туораахтаах култуураны селекциялыыр лаборатория үлэһитэ: «Күһүҥҥү хомууртан суорду бэрэбиэркэлээрибит ыһыы иннинэ олордон көрөбүт. Төһө тахсарын чинчийэбит. Сүүс бырыһыан буолуохтаах, оччоҕо саас олордорбутугар сиэмэбит үчүгэй көрдөрүүнү биэрэр».
Үөрэтиигэ барар итиэннэ хаһаайыстыбаларга тарҕанар бурдук сиэмэтэ саас аайы ыраастанар. Учуонайдар үлэлэрин улахан кыамталаах ыраастыыр массыына чэпчэтэр. Икки киһи күн устата 8 туоннаҕа тиийэ туорааҕы холкутук сүүрдэр.
Вячеслав Васильев, СӨ ТХНЧИ туораахтаах култуураны селекциялыыр лаборатория үлэһитэ: «Саҥа айыллыахтаах сиэмэни ыраастыы сылдьабыт. 4025 диэн нүөмэрдээх. Суорт буола илик, үөрэтэ сылдьаллар. Үһүс сылын чинчийиигэ анаан олордуллар».
Олохтоох учуонайдар быйылгы ыһыыга хас да элбэх сыллаах оту, гороҕу уонна бурдугу таһаарыы түмүктүүр түһүмэҕин ыһыахтара.