"Бастыҥ иитээччи -2024" күрэх саҕаланна
Главное
-
29 ноября в 15:07Вкус Якутии. В столице региона проходит гастрономический фестиваль
-
29 ноября в 14:18Глава Якутии встретился с Чрезвычайным и Полномочным Послом РФ в Киргизской Республике
-
29 ноября в 14:17В Якутске отметили 90-летие со дня основания школы №7
-
29 ноября в 14:00Помощь профсоюзов Якутии участникам СВО и их семьям превысила 280 миллионов рублей
Өбүгэ үгэһинэн айылгылар алгыстаах алаадьынан ыалдьыттарын көрсөллөр. Оттон күн бүгүн куорат таһынааҕы Тулагы Киллэм Сыырдааҕын "Айылгы" оҕо уһуйааныгар муницпальнай таһымнаах "Бастыҥ иитээччи -2024" куонкурус ыытыллан саҕаланна. Киин куорат араас уһуйааннарыттан кыттааччылар музыкальнай сааланы толордулар.
Куонкурус хаһаайыттара, айылыгылар, кэлбит ыалдьыттары бэртээхэй нүөмэрдэринэн көрүстүлэр. "Кустук" бөлөх иитиллээччилэрэ "Төрөөбүт төрүт тылбыт" ырыанан кыттааччылары уруйдаатылар. "Ивушка" 75№-дээх оҕо уһуйаанын иитээччитэ Светлана Исагариева 2019 сыллаахтан тустаах оҕо саадыгар үлэлиир. Аан бастакытын маннык улахан таһымнаах күрэскэ кыттар буолан, күүстээх бэлэмнэниини аастым диэн кэпсиир.
Светлана Исагариева, "Бастыҥ иитээччи - 2024" куонкурус кыттааччыта: “Долгуйуу улахан. Бэйэбит уһуйааммыт иһигэр күрэхтэһии буолбута. Ол онно кыайаммын манна күрэхтэһэ кэллим. Бастакы түһүмэххэ аһаҕас дьарык ыытабын, уһуйааччы араас балаһыанньатын быһаарабыт”.
Быйылгы куонкурус икки улахан түһүмэҕинэн ааһар. Бастакы күҥҥэ иитээччилэр биллэн туран, бастатан туран бэйэлэрин билсиһиннэрэллэр, ол кэнниттэн оҕолору кытары дьарык ыыталлар.
“Айылгы” уһуйаан иккис төгүлүн муниципальнай таһымнаах күрэҕи тэрийэр. Ол курдук бу уһуйаан иитээччилэрэ икки сыл устата бастыҥнарынан ааттаммыттара.
Хас биирдии кыттааччы ох курдук оҥостон кэлбит. Методическай, интерактивнай көрдөрүнньүктэр. Үгүс элбэх матырыйаал. Манна тутатына оҕолору кытары дьарыктар ааһаллар. Ону барытын убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэ болҕомтолоохтук көрөр, сыаналыыр.
Анисия Скрябина, "Бастыҥ иитээччи - 2024" куонкурус дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ: “Иитээччи үлэтэ айар үлэни ирдиир. Онон бу күрэххэ Дьокуускай куорат уһуйааннарын иитээччилэрэ хайдах үлэлии олороллорун, туох саҥа көрүүлээхтэрин көрөбүт”.
15 кыттааччытан манна биир күүстээх аҥар Дьулустаан Николаев "Узнавайка" оҕо уһуйааныттан кытта сылдьар. Кини этэринэн, билиҥҥи үйэ иитээччитэ саамай сүрүнэ - оҕону кытары үчүгэй сыһыаннаах буолуохтаах.
Дьулустаан Николаев, "Бастыҥ иитээччи - 2024" куонкурус кыттааччыта: “Итээччи оҕону кытта сыһыана үчүгэй буолуохтаах. Оҕону наһаа кыра оҕо курдук буолбакка сөптөөх сыһыан баара ордук”.
Куонкурус икки күн устата ыытыллар. Дьарыктар кэнниттэн, маастар кылаастар ааһыахтара. Күрэс балаһыанньатынан, 15 кыттааччыттан сыыйыллан 5 иитээччи хаалыахтаах, ол эрэ кэнниттэн кыайыылаах аата муус устар 22 күнүгэр биллиэҕэ.