"Киэҥ киэли кистэлэҥэ". Александр Манжурьев 15 сыл буолан баран быыстапкалаата
Главное
-
29 ноября в 15:07Вкус Якутии. В столице региона проходит гастрономический фестиваль
-
29 ноября в 14:18Глава Якутии встретился с Чрезвычайным и Полномочным Послом РФ в Киргизской Республике
-
29 ноября в 14:17В Якутске отметили 90-летие со дня основания школы №7
-
29 ноября в 14:00Помощь профсоюзов Якутии участникам СВО и их семьям превысила 280 миллионов рублей
Бүлүү улууһуттан төрүттээх саха ювелирдарыттан биир ураты суоллаах-иистээх маастар, худуоһунньук, скульптор Александр Манжурьев айар быыстапкатын аһыллыытыгар элбэх киһи муһунна. Россия худуоһуньуктарын сойууһун чилиэнэ, Алампа аатынан общественнай бириэмийэ лауреата Александр Владимирович айымньыларбын тус-туһунан араарбаппын эрээри, хас биирдии үлэ туспа тыыннаах, бэл кимиэхэ ананарын кытта билэр дьоҕурдаах диэн этэр.
Александр Манжурьев, ювелир, скульптор, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ: "Хас биирдии үлэ бэйэтэ остуоруйалаах. Харандааһы туппуттан саҕалаан бүтэриэхпэр диэри элбэх бэйэтэ остуоруйаланар. Үлэ хаһан баҕар оҥоро да сырыттахха кимиэхэ анаммытын, аналын бэйэтэ биллэрэр дьиктилээх".
Александр Манжурьев норуот уус-уран идэтийбит ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэтигэр уонна дьоҕус скульптураҕа олоҕуран саха ювелирнай искусствотыгар саҥа суолу тэлбит маастарынан биллэр. Кини айымньыларыгар саха номохторо, фольклора ураты тыыннанан, атын көрүүлэнэн уус-уран айымньыга кубулуйаллар.
Сардаана Посельская, СӨ национальнай уус-уран түмэлин социокультурнай сайдыыга үлэтин салайааччы: "Ювелирнай үлэлэригэр кини үгэстэн тэйэн, бэйэтин баай фантазиятын киллэрэн, саҥа айымньылары оҥорон таһаарар. Ол иһин саҥа ырыллыбыт быыстапка элбэх киһи сэҥээриитин ылыа диэн эрэнэбит".
Быстапка аһыллыытыгар Саха тыйаатырын артыыстара "Тулаайах оҕо" испиктээкилтэн быһа тардыыны көрдөрдүлэр. Александр Манжурьев бу ааспыт сылга саҥа сүрэхтэммит испиктээкилгэ сүрүн туруорааччы худуоһунньук быһыытынан үлэлээн талаанын биир өрүтүн арыйбыта. Худуоһунньук Далан айымньытын оҕо эрдэҕиттэн бэрт сөбүлээн ааҕар уонна киинэ устар ыра санаалааҕа.
Юрий Спиридонов, СӨ норуодунай худуоһунньуга, "Үргэл" арт-галерея дириэктэрэ: "Александр Мажурьев худуоһунньук быһыытынан харахпар үүнэн эрэр киһи. Мин кинини маҥнайгы быыстапкатыттан ыла билэбин. Наһаа түргэнник сайдар, талааннаах киһи".
Александр Владимирович үлэлэрэ Саха сиригэр, Россияҕа эрэ буолбакка аан дойду араас түмэллэригэр, галереяларыгар харалла сыталлар,ону таһынан чааһынай коллекцияларга кытта бааллар. Ол курдук кини ураты оҥоһуктара Монако принцессатыгар Стефанияҕа, Бахрейн принцессатыгар бааллара биллэр. Хас бирдии айымньы туспа философиялааҕын кэлбит ыалдьыт бары бэлиэтиир.
Андрей Чикачёв, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ: "Ювелирнай искусствоҕа атыыга барары, киһи кэтэрин дуу иилинэрин дуу буолбакка кини быдан айар – тутар сыһыаннаах. Ол курдук тэҥэ суох быһыылаах, ситэри аалыллыбатах буолуон сөп".
Александр Владимирович уус-уран национальнай түмэлгэ аан бастакы айар быыстапкатын кэннэ 15 сыл буолан баран, бу иккис быыстапкатыгар урукку үлэлэрин, тэҥэ ханна да тура, ким да көрө илик айымньылара дьон дьүүлүгэр таҕыстылар. "Киэҥ киэли кистэлэҥэ" быыстапка ыам ыйын 19 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ, онон кэлэн кэрэни кэрэхсээҥ диэн ыҥыраллар.