Итирик туруктаах уруулга олоруу аччаабат

82

Суолга халтараан буолан, тимир көлөнөн сылдьааччыларга хаһааҥҥытааҕар да болҕомтолооох буолары эрэйэр. Сөптөөх ырааҕы тутуһан, атын массыынаҕа сыста эмискэ туормастыыр бобуллар. Суол бэлиэтигэр анал түргэн сырыы быраабылатын тутуһан айанныыры иниспиэктэрдэр булгуччу ирдииллэр. Ол да буоллар, суол саахалыгар сатыы дьон кыттыгастаах буолар түгэнэ эмиэ баарын бэлиэтиибит.

Сааскы уонна күһүҥҥү дьыл уларыйыытыгар суол саахалын ахсаана элбээн тахсар. Дьокуускай куорат иһигэр бу күннэргэ күн аайы уоннуу суол саахала тахсара бэлиэтэнэр. Биир күн иһигэр икки киһини сатыы киһи туоруур сиригэр үнтү көттүлэр. Бу иккиттэн биирэ оҕо буолар. Суолу сөпкө туораан истэхтэринэ, суоппардар эрдэттэн тохтообокко, сатыы дьону түҥнэри көтөллөр. Оттон иллэрээ күн аҕам саастаах дьахтар суолу туораан истэҕинэ эмиэ болҕомтото суох суоппар түҥнэри көттө.

Владилена Охлопкова, Дьокуускай куорат суол-иис иниспиэксийэтин пропагандаҕа салаатын иниспиэктэрэ: "Суоппардары кытта сэрэхтээх буолуҥ диэн анал түргэн сырыы быраабылатын, массыына икки ардын тутуһуу быраабылатын, сатыы дьон туоруур сиринэн бытааннык айаннааҥ диэн сэрэтэр үлэ ыыта сылдьабыт. Сатыы дьоҥҥо суолу туоруоххут иннинэ тула өттүгүтүн көрүнүҥ, массыына тохтоотоҕуна эрэ туорааҥ диэн санатабыт".

СОП ДПС устудьуоннар этэрээттэрэ быйыл тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтииллэр. Бу этэрээт чилиэттэрэ суол бары кыттыылаахтарыгар сэрэхтээх- буолууга ыҥырыылары түҥэтэллэр.

Айаана Постникова, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ 3-с кууруһун устудьуона: "Суолга халтараан буолан суоппардарга уонна сатыы дьоҥҥо сэрэхтээх буолуҥ диэн сэрэтии үлэтин ыыта сылдьабыт".

Алданна улахан массыына суол быраабылатын кэһэн улахан саахалы таһаарда. Бу курдук көрдөрүү мөкү сыыппарата улаата турар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муус устар ый саҕаланыаҕыттан уопсайа киһи эчэйиилээх суол быһылаанын ахсаана 26 буолан турар. Балартан 2 киһи суорума суоланна.