Быйыл 125 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барар кутталлаах
Главное
-
29 ноября в 15:07Вкус Якутии. В столице региона проходит гастрономический фестиваль
-
29 ноября в 14:18Глава Якутии встретился с Чрезвычайным и Полномочным Послом РФ в Киргизской Республике
-
29 ноября в 14:17В Якутске отметили 90-летие со дня основания школы №7
-
29 ноября в 14:00Помощь профсоюзов Якутии участникам СВО и их семьям превысила 280 миллионов рублей
Өрүс мууһун дьөлө анньан эрбэтии үлэтэ ыытыллар. Улахан кыамталаах эрбии ханнык да мууска иҥнэн турбакка иннин диэки хото киирэр, сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии үлэлэрин чэрчитинэн мууһу эрбэтии үлэтэ оҥоһуллар.
«Беларусь» тыраахтарга улахан кыамталаах эрбиини иилэллэр итиэннэ мууһу 80 сантымыатыры эрбииллэр. Онтон устата 250 миэтэрэ.
Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэргэ уопсайа 8 улуус сиригэр уотугар 46 харыы үөскүөн сөптөөх сирдэригэр мууһу кэбирэтии үлэтэ ыытыллар. Ол онтон 7 учаастагар мууһу эрбээһин буолар. Кангалаас тумуһун аннынан Өлүөнэ өрүскэ 4-с төгүлүн бэдэрээччиттиир Николай Соловьев үлэ үөһүгэр сылдьар. Быйыл былааннаммыт үлэ кэминэн баран иһэр диэн кэпсиир.
Николай Соловьёв, бэдэрээччит: «Үлэ хаамыыта быйыл үчүгэйдик баран иһэр. Муус халыҥа биир миэтэрэ курдук. Ыраастааһын бүттэ. Онон хараардыы үлэтэ барар. Онтон эрбээһини бу өрөбүллэргэ бүтэриэхпит».
Ирдэбил быһыытынан муус халыҥыттан 80% эрбэниэхтээх. Биһиги устубут сирбитигэр муус халыҥа биир миэтэрэҕэ тэҥнэһэр, онон 80 сантымыатыр эрбэнэр.
Онтон массыыналар толору кумах тиэнэннэр мууһу хараардыы үлэтин ыыталлар. Икки массыына утуу-субуу 2 килэмиэтир уһуннаах сири хас да балаһанан арааран тустаах үлэни ыыталлар.
Мууһу кэбирэтии үлэтэ 10-тан тахса сыл устата киэҥ иэннээх Сахабыт сиригэр ыытыллан кэллэ. Маннык үлэлэр бүтүн дойду үрдүнэн биһиги эрэ өрүстэрбитигэр, үрэхтэрбитигэр ыытыллаллар. Онон өрүс эстиитигэр киэҥ хабааннаах үлэ, улахан түбүк буолар.
Пётр Аргунов, Өлүөнэ өрүс тардыытын ууга салалтатын салайааччыта: «Хаар саппааһа, муус халыҥа уларыйа турар. Билиҥии туругунан Өлүөнэ өрүскэ хаар нуорматтан олус үрдүк. Онтон муус нуорматтан 10 сантымыатыр курдугунан чараас».
Билиҥҥи туругунан Ленарегионводхоз тэрилтэ былааннаммыт үлэтиттэн хараардыыга 28%, эрбээһин үлэтигэр 35 % туолла. Аны сотору кэминэн болдьоҕу баттаһа үлэ барытын силигин ситиэхтээх.
Николай Портнягин, Ленарегионводхоз филиалын дириэктэрин солбуйааччы: «Маннык үлэ Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Хаҥаласка муус устар 17 күнүгэр диэри, онтон Дьокуускайга, Намҥа, Кэбээйигэ бу ый 20 күнүгэр диэри, онтон Халыма өрүскэ муус устар 26 күнүгэр диэри үлэлэр бүтүөхтээхтэр».
Өрүс эстэригэр, көмүөл мууһа кэлэригэр анаан ыытыллар тустаах үлэлэр халаан уута этэҥҥэ, улахан хоромньута суох ааһарыгар туһуланар. Сыллата Саха сиригэр 125 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барар кутталлаах. Онон маннык үлэлэр нэһилиэнньэ куттала суох буолуутугар ананар.