Чурапчы нэһилиэгэр саҥа балыыһа үлэҕэ киирдэ
Саҥа балыыһаҕа бастакы үлэ күннэрэ. Олохтоохтор үөрэ-көтө, олус үчүгэй настарыанньалаах тупсаҕай уораҕайдарыгар кэллилэр. Сорохтор көрдөрүнэ, онтон сорохтор, кистэл буолбатах, балыыһаны көрөр баҕалара үгүс.
Екатерина Бурнашева, П. Н. Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа терапевт бырааһа: «Анаалыстары эрдэ атын сиргэ ылаллар этэ, кырдьаҕастарга игин сылдьаллара ыарахан этэ. Билигин барыта тоҕоостоох буолан үчүгэй».
Эрдэ Чурапчы хаарбах туруктаах балыыһалара бары тэйиччи турар эбит буоллахтарына, билигин бары биир сиргэ түмүлүннүлэр. Уус-Алдантан төрүттээх Екатерина Бурнашева эдэр быраас Чурапчыга кэлэн тэрэпиэп бырааһынан үлэлээбитэ иккис сыла. Саҥа малын-салын бэрийэн, улуус олохтоохторун киэҥ, сырдык сиргэ көрөргө бэлэмнэнэр. Урут уочараттыыр көрөдүөрдэрэ кыараҕас, сайынын аһара сылаас эбит буоллаҕына, билигин дьон күүтэригэр киэҥ, салгыннаах көрөдүөрдэр.
Екатерина Бурнашева, П. Н. Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа терапевт бырааһа: «Балыыһабыт сырдык, киэҥ-куоҥ, сабыс саҥа. Эрдэ балыыһабыт кыһынын тымныы этэ, билигин муостабыт сылытыылаах».
Бу суһал көмө хоһо. Кыараҕас хоско диспетчер үлэлиир уонна быраас ыарыһахтары көрөр. Сотору суһал көмө үлэһиттэрэ саҥа балыыһаҕа көһөн үлэлиэхтэрэ, аҥардас остуола олоппоһо эрэ аныгы, сөптөөх буолбакка, көмпүүтэрэ, туттар мала-сала, оннооҕор масссыыналара саҥа. Онон балыыһа кэлэктиибэ үөрүүтэ үксээн турар.
Анна Дьячковская, П. Н. Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа суһал көмө салаатын фельдшерэ: «Кыараҕас сиртэн көһөөрү үөрэн күүтэ сылдьабыт. Онно хааччыйыы, миэбэл барыта саҥа буолар».
Урут ыарыһахтар тымныы балыыһаҕа киирэн эбии бэргиэм диир эбиттэр, оттон билигин тупсаҕай аныгы палааталарга ыарыһах эмтэнэригэр бары табыгастаах усулуобуйа барыта баар буолла.
Надежда Макарова, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо: «Хас да сиринэн көрдөр этибит, билигин барыта биир сиргэ буоллаҕына үчүгэй бөҕө. Кырдьаҕас, оҕолоох дьоҥҥо көрдөрөллөрүгэр үчүгэй».
Балыыһа 3 этээстээх. Бастакы этээһигэр улахан дьон көрдөрүнэр салаата, 2-с этээһигэр тиис эмтиир уонна оҕо көрдөрүнэр балыыһата, күнүскү стационар, оттон 3-с этээскэ дьахтар доруобуйатын көрдөрүнэр киинэ уонна 23 куойкалаах терапевтическэй салаа.
Николай Сивцев, П. Н. Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһа: «Балыыһабытын кэтэспиппит 50-тан тахса сыл буолла. Бастакы уочарата 2003 сыллаахха киирбитэ, 21 сыл буолан баран иккис уочараппыт буолла. Нэһилиэнньэ сүрдээх үөрэр».
Олохтоохтор көрдөрүнэллэригэр, оттон медицинэ үлэһиттэрэ эрэллээхтик үлэлииллэригэр саҥа балыыһалара улахан күүс-көмө буолар.
Саха сирин бастакы бырааһа, Прокопий Нестерович Сокольников аатын илдьэ сылдьар улуус балыыһата киниэхэ анаан баамытынньык туруорда. Сайын эбии көрүөлээн-хаһаалаан тупсарар баҕа санаалаахтар. Оттон илин-эҥээр улуустарга бастакытын МРТ баар буолла. Бу сатаан айаннаабат ыарыһахтарга дьиэлэриттэн ырааппакка эрэ бастыҥ аппараакка көрдөрүнэр кыахтаннылар.