Уол оҕону акка сыһыарыы

114

Оҕолор моркуоптарын аттар былдьаһа, олус иҥсэлээхтик сиэн кэбиһээллэр. Бу Сахат оскуолатын иккис кылаас оҕолоро сылгылары кытта алтыспыттара номнуо биир ый ааста. Онон улаханнык куттаммакка сылгыга чугаһыыллар.

Майя Наглы, оскуола 2-с кылааһын салайааччыта: «Сахат оскуола уопсайынан үлэни уонна үөрэҕи дьүөрэлии тута сатыыр. Сахалыы дьиҥ эр киһи үлэтин үлэлиэхтээх диэн сыалтан маннык үлэ барар. Хаһаа, хортуоппуй олордуута, муҥха баар».

Маннык эбии дьарык тэриллибитэ быданнаата. Куорат сиригэр-уотугар улааппыт оҕолорго бэрт сэргэх уонна сонун үөрэх. Үөрэнээччилэр сыспай сиэллээҕи көрөн олус интэриэһиргииллэр.

Егор Моссоёнов, оскуолаҕа физкультура учуутала: «Биһиги сахалар буоларбыт быһыытынан сылгыга чугас буоллахпыт. Былыр былыргаттан сылгы Таҥаралаахпыт – Дьөһөгөй. Куорат оҕолоругар маннык баара үчүгэй буоллаҕа».

Сахалыы саҥалаах, сахалыы толкуйдаах кырачаан оҕолор уһуйааччыларын кытта дорооболоһоллор. Физкультура учуутала Егор  Моссоёнов дьарыгы бу курдук саҕалыыр.

Дьарык бастаан дьүһүннэри үөрэтииттэн саҕаланар. Аттар хаартыскаларын көрөн дьүһүннэрин ааттаталыллар. Ол кэннэ дьэ сыспай сиэллээхтэрин аһаталлар, көрөллөр, истэллэр. Оҕолор бэйэлэрэ даҕаны бу курдук араас дьарыктарга сылдьалларын астыналлар.

Эрчим Гаврильев, 2-с кылаас үөрэнээччитэ: «Манна үчүгэй. Оту кыраабылынан тарыйабыт».

Сахат оскуола үөрэнээччилэрэ бу курдук үөрэхтэрин таһынан кыра эрдэхтэн үлэлииргэ үөрэнэллэр. Үлэни сатыыр оҕо туохха барытыгар сыстаҕас, олоххо бэлэм буолар. Маныаха төрөппүттэр кыһаллан, сүүрэн-көтөн оҕо сайдарыгар табыгастаах усулуобуйаны үөскэтэллэр.