Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһуламмыт уурахтар таҕыстылар
Главное
"Тырааныспар, энергетика эбийиэктэрин сайыннарыыны тэтимирдии" уонна "Олохтоох бэйэ аһын оҥорон таһаарыы туризм эйгэтин сайыннарыы" диэн ааттаах икки улахан, сүдү суолталаах уураах таҕыста. Ил Дархан нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга, Саха сирин сайыннарыыга туһуламмыт дьаһаллар Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын таарыйыа.
Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун баһылыга: «Чурапчы улууһугар экология боппуруостара сүрдээх сытыытык турар. Биһиэхэ ирбэт тоҥ буорбут олус чугаһа, кытылларбыт сиҥнэ тураллара».
Хоту уонна Арктика улуустарыгар сүрүн туһулааһын суол боппуруоһугар буолла. Манна салгынынан уонна ууннан аһы-табаары, нэһилиэнньэни таһыы өҥөтүн тупсарыы. Өр сыллар тухары кыаллыбат логистика кыһалҕатын быһаарыы киирдэ.
Елена Голомарёва, Ил Түмэн Хоту уонна Арктика уһугар олорор аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Суолбут ииспит сайдыыны тохтотор. Арктика хас биирдии оройуоннарын көрөн хайдах сайдыахтарын сөбүн 3 хайысханнан көрдүбүт».
Оҥорон таһаарыыга уонна туризмҥа эмиэ улахан болҕомто уурулунна. Манна олохтоох бэйэ дьонун өйөөн, Саха сирин оҥорон таһаарыытын үрдэтэн, нэһилиэнньэҕэ олохтоох аһы-табаары тиксэрии буолла. Уонна ураты көстүүлээх, дьикти айылҕалаах, дэгиттэр дьоннордоох буолан туризм эйгэтин хаҥатыы, сайыннарыы.
Ньургуйаана Заморщикова, Ил Түмэн урбаан уонна туризм сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Бу уураахха олоҕуран сөптөөх бырагыраамалары, ылыныылары хап сабар уһаппакка кэҥэппэккэ таһаар охсуохтаахпыт дии саныыбын».
Олохтоох оҥорон таһаарыы 2030 сылга диэри балтараа төгүл улаатыахтаах. Аччаабыта 15 саҥа олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүр сир арллыахтаах. Промышленнай туризмҥа 10 саҥа бородууксуйаны айыахтара. Орто анал үөрэх кыһаларыгар аграрнай хайысхаҕа аналлаах исписэлиистэри быстах кэмҥэ бэлэмниир үөрэхтэри арыйыахтара. Тыһыынчаннан ахсааннаах дьоҥҥо үлэ миэстэтин биэриэхтэрэ. Бу манна туһуламмыт араас хабааннаах үлэ барыаҕа.
Никита Андреев, Горнай улууһун баһылыга: «Бу ыйаах туолуутунан улахан үлэлэр хамсааһыннар тахсыахтара диэн улахан эрэллээхпит. Биһиги улууспут 1/3 ураты харыстанар сирбит буолар. Биһиги айылҕаҕа ураты сыһыаннаах ыччаттары иитэн таһаарыахтаахпыт диэн өйдөбүллэхпит. Горнай улууһа уопсастыбынай гражданскай инициативаларга бастыҥ оройуон быһыытынан бу ыйаахха киирбит экология хайысхатыгар сайыннарыы өттүгэр үлэлэһиэхпит».
Ил Дархан бэлиэтээбитининэн саамай сүрүн уонна тыын боппуруоһунан Саха сирин олохтоохторун олохторун-дьаһахтарын тупсарыы. Бу сыалы-соругу ситиһиигэ уураах ис хоһоонугар олоҕуран киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыаҕа.