Массыына ыытар быраабы ылыыга уларыйыылар киирэллэр
Главное
-
30 ноября в 04:21Более 2 тысяч соцобъектов построено и отремонтировано на средства единой президентской субсидии в ДФО
-
30 ноября в 03:48"Родники.Дети". До 1 декабря принимаются заявки на всероссийский музыкальный конкурс
-
30 ноября в 03:12Поздравление главы Якутии Айсена Николаева с Днём хомуса
-
30 ноября в 02:3530 ноября. День в истории - даты, события
Бүгүҥҥү күнтэн киирэр саамай сүрүн уларыйыыларыттан биирдэстэрэ бүтүн дойду үрдүнэн социальнай биэнсийэ үрдээһинэ буолар. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр. Маны таһынан биэнсийэ иһигэр киирэр эбии төлөбүрдэр эмиэ халбаҥнаан биэрдилэр. Сиһилии социальнай пуонда саайтыгар киирэн билсиэххитин сөп.
Роман Афанасьев, Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын биэнсийэҕэ тахсыыга эрдэттэн үлэни ыытар салаа салайааччытын солбуйааччы: «Муус устар бастакы күнүттэн социальнай биэнсийэ 7.5% үрдүөҕэ. Бу үрдээһин бүтүн Арассыыйа үрдүнэн буолар. Саха сиригэр индексация 30700–тэн тахса киһини таарыйыааҕа».
Арктика уонна уһук хоту сытар улуустарга эмиэ бүгүҥҥэттэн уларыйыылар киирдилэр. Кинилэргэ таһаҕаһы тириэрдии туһунан бүтүн федеральнай сокуон олоххо киирэн үлэтин саҕалыыр. Таһаҕаһы тириэрдии тыын суолталаах, сүдү болҕомтону эрэйэр боппуруос буолар. Бу сокуоҥҥа Ил Дархан уонна дойду президенэ 2020 сыллаахха баттаабыт ыйаахтарыгар судаарыстыбаннай политика сүрүн хайысхаларын туһунан суруллубутугар олоҕуран оҥоһулунна.
Раймонд Попов, Арктиканы сайыннарыы уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин департаменын салайааччытын солбуйааччы: «Саҥа өйдөбүллэр киирдилэр. Урут инник сокуон суох этэ. Хотугу сирдэргэ судаарыстыба көмөтүнэн хааччыллар сирдэри чуолкайдааһын уонна ол таһаҕастары икки бөлөххө араарыы. Судаарыстыба көмөтүнэн кэлбит таһаҕаска сыананы хааччахтааһын быраабылата киирдэ уонна таһыытын былаана. Ону кэттээн көрөр бэрээдэгэ киирдилэр».
Массыынаны ыытар быраабы ылыыга эмиэ уларыйыылар киирдилэр. Өскөтүн инспектор массыына инники кириэһилэтигэр олорор эбит буоллаҕына кэннигэр көһөн биэрэр уонна тас дойду биэрбит быраабын Арассыыйа киэнигэр уларытыы ирдэбилэ күүһүрэр.
Акулина Ильина, суоппар быраабын ылар үөрэтэр киин мэтэдьииһэ: «Саамай сүрүн уларыйыыбыт – өскөтүн урут төрдүс сорунуубут ый буолан баран буоллаҕына, билигин номну сыл аҥарынан буолар буолбут. Бастакы, иккис, үһүс сорунуу нэдиэлэ буола-буола баран ааһаллар».
Бүгүҥҥү күнтэн уһуйааны бүтэрэр, оскуолаҕа киирэр саастаах оҕолордоох төрөппүттэргэ эппиэтинэстээх кэм үүнэр. Госуслуги судаарыстыбаннай портал нөҥүө маҥнайгы кылааска киирэр сайабылыанньалары хомуйуу маҥнайгы түһүмэҕэ саҕаланар. Дьокуускай куоракка 50 оскуолаҕа маҥнайгы кылаастар тэриллиэхтэрэ. Онтон от ыйын 6-с күнүттэн иккис түһүмэх саҕаланыа.
Анна Родионова, Дьокуускай куорат үөрэх салалтатын уопсай үөрэхтээһинин салаатын сүрүн исписэлииһэ: «Бастакы кэрдиис Дьокуускайга пропискалаах төрөппүттэргэ ананар. Маны таһынан 3 көрүҥ льгота көрүллэр – уочарат таһынан, уочаракка бастакы турааччылар уонна быраат балты ордук бырааптара. Билигин 5500 миэстэ көрүллэн турар, онтон 6000 кэриҥэ оҕону кэтэһэбит».
Бу курдук муус устар ыйтан нэһилиэнньэ үгүс араҥатын таарыйар уларыйыылар киирэн, сокуоннай күүстэрин ылан, үлэлэрин саҕалаатылар.