Күпсүүр күүстээх тойуга
Главное
-
30 ноября в 06:51Заместитель гендиректора "АК "ЖДЯ" предложил построить жилой квартал в Алдане
-
30 ноября в 06:08В Горном районе зарегистрировано два ДТП с пострадавшими
-
30 ноября в 05:11Музею племенного животноводства Якутии присвоено имя Марии Маппыровой
-
30 ноября в 04:36Якутия укрепляет сотрудничество с Киргизской Республикой
Бу курдук Духуобунас киинин киэҥ саалатын күпсүүр дуорааннаах тыаһа толорон, киэһэҕэ кэлбит көрөөччүлэр куттарын сүрдэрин ураты тыыҥҥа холбоон киэҥ далайга көтүттэ. Бу Бэрдьигэстээххэ сахалыы муусука үнүстүрүмүөннэрин оҥорон саҕалаабыт Мария Баһылай Мохначевскайдар кыыстара РФ үөрэҕэриитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Марина Сокольникова-Мохначевская дьарыктыыр Саха политехническэй лиссиэйин "Добун" норуодунай этнофольклорнай ансаамбылын ыччаттара.
Марина Сокольникова-Мохначевская, "Добун" норуодунай этнофольлорнай кэлэктиип салайааччыта: «Бүтэһик композициябар дылы долгуйа күүппүтүм. Ону наһаа үчүгэйдик ылыннылар».
2012 сылтан Сахалыы тэтими, сахалыы дорҕоону киэҥ дуолга дуораһытар добуннар бу сыллар тухары дойду да Өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах ситиһиилэрэ үгүс ону таһынан күпсүүр күүстээх тойугун, хомуһуннаах хомус тыаһын аан дойду араас муннуктарыгар Кытайтан, Кэриэйэттэн саҕалаан Анталияҕа тиийэ иһитиннэрэн тураллар. Ансаамбылга үксүн куорат нууччалыы иитиилээх оҕолоро киирэн дьарыктанан өбүгэ үнүстүрүмүөнүгэр оонньоон, бэйэлэрэ этэллэрин курдук сахалыы тыыннара уһуктубут.
Василий Сивцев: «Добуҥҥа сылдьыбытым 10 сыл буолла. Бэйэм баҕа санаабынан киирбитим. Бастаан ылбатахтара, онтон күүспүнэн киирбитим».
Альберт Яковлев: «Манна күүстээх эрчимнээх, наһаа үчүгэй доҕордордоохпун».
Алексей Бучугасов: «Быраатым мин кэннибиттэн иккис кылааска киирбитэ мин төрдүс кылаас эрдэхпинэ. Миэхэ ымсыыран киирэбин дуо диэн көрдөспүтэ».
Күпсүүрү охсуу үгүс сэниэни, күүһү-уоҕу эрэйэринэн манна биир үксүн уол аймах дьарыктанар, тыаһа-ууһа да ордук уол оҕо, эр киһи кутун сүрүн уһугуннарар эбит буоллаҕына абылаҥнаах хомус тыаһын биллэн турара кыыс аймах таһаарар, ол курдук кыра кылаастан Добуҥҥа сылдьыбыт дьүөгэлиилэр Аэлита Ершова уонна Виолетта Сокольникова билигин номнуо устудьуоҥкалар.
Виолетта Сокольникова: «Добуҥҥа киириэхпиттэн кэлэр идэбин көрдөнөммүн, таламмын билигин Култуура коллеһыгар үөрэнэ сылдьабын».
Аэлита Ершова: «Сиэрбитин туоммутун интириэһиргээн барбытым. Онтон Добуҥҥа киирбиппин олох кэмсиммэтэҕим».
Ааспыт ХХ үйэҕэ маһы ыллаппыт уһулуччу дьоҕурдаах уус кэргэнниилэр Мария Баһылай Мохначевскайдар, саха төрүт музыкальнай үнүстүрүмүөннэрэ умнуллан, сүтэн хаалбакка күн бүгүнүгэр диэри биһиги кулгаахпытыгар дуорайа саха буоларбытын саната сылдьалларыгар сүҥкэн үлэни оҥорбут дьон, күн бүгүнүгэр диэри кинилэр үтүө дьыалалара салҕанан Бэрдьигэстээххэ Өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох сахалыы музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥорор маастарыскыай да баара элбэҕи этэр, онон үтүө ыал олорон ааспыт түөлбэтигэр кинилэр ааттарын үйэтитэр түмэл баар буоларын ону тэҥэ уулуссаны ааттыыры олохтоохтор туруорсаллар.
Жанна Парфенова, Бэрдьигэстээх Эйэ түөлбэтин бэрэссэдээтэлэ: «Бырайыак суруйан, кинилэр түөлбэлэригэр түмэл тэрийбит киһи диэн баҕа санаа үөскээтэ».
Бу курдук өбүгэлэрбититтэн кэлбит кылыһахтаах кырыымпа, күннээх күпсүүр, хомуһуннаах хомус тыаһа кутулларын тухары саха норуота сүппэт, симэлийбэт, оттон добуннар курдук ыччаттардаах буоллахпытына норуоппут сарсыҥҥылаах.