Дьиэ кэргэҥҥэ көмө миэрэлэр ахсааннара сыллата эбиллэр

71

Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олорор Леонида Анисимова түөрт күннээҕитэ этэҥҥэ оҕолонон сүргэтэ көтөҕүллэ сылдьар. Бүгүн номнуо балыыһаттан тахсарга бэлэмнэнэр. Икки миэстэлээх хоско ирдэбилгэ эппиэттир бары усулуобуйа баар. Быраастар бэрт болҕомтолоохтук сыһыанаһаллара наһаа үчүгэй диэн эдэр ийэ санаатын үллэстэр.

Леонида Анисимова, эдэр ийэ: «Мин бастакы оҕом буолар. Кыыс оҕотун илиитигэр тутуор диэри быраастар көмөлөһөллөрө үчүгэй баҕайы иэйии буолар эбит».

Дьокуускайдааҕы Перинатальнай кииҥҥэ Саха сирин бары улуустарыттан сүрүннээн болдьох иннинэ төрүөхтээх, эрдэ эппэрээссийэлэммит ийэлэр киирэн оҕолоноллор. Билигин Кииҥҥэ алта уонтан тахса саҥа төрөөбүт дьахтар баар. Ааспыт сылга манна биэс аҥар тыһыынчаттан тахса оҕо төрөөбүтэ, бу сыл икки ыйын түмүгүнэн биир тыһыынча икки сүүстэн тахса оҕо этэҥҥэ күн сирин көрдө.

Лариса Аргунова, Дьокуускайдааҕы перинатальнай киин акушер-гинеколога: «Сыалбыт сорукпут сүрүнэ – ийэ оҕо доруобуйатыгар үрдүк таһымнаах көмөнү оҥорор. Перинатальнай киин послеродовой отделение 85 куойкалаах. Биһиэхэ ордук оҕо ийэ үүтүнэн улаатыахтаах диэн сыаллаахпыт. Ол иһин палааталарга ийэлэр оҕолорун кытта сыталлар».

Саха сирэ нэһилиэнньэ эбиллиитинэн, оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтүнэн Арассыыйа регионнарыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Демографическай балаһыанньаны тупсарыыга дьиэ кэргэҥҥэ көмө миэрэлэр ахсааннара сыллата эбиллэр. Аҥардас кэнники 5 сыл иһигэр ийэ буолууну, оҕолору өйөөһүҥҥэ көрүллэр үп-харчы бүтүн 7 төгүл үрдээтэ. Олор истэригэр “Ийэ хапытаала”, “Үйэ оҕолоро” төлөбүр, 25 саастарыгар диэри ыал буолбуттарга харчынан көмө, биир кэлим босуобуйа буолаллар.

Матрёна Анемподистова, РФ социальнай пуондатын СӨ салаатын нэһилиэнньэни, страховкалаах дьону, тэрилтэлэри кытары үлэҕэ салаатын салайааччы: «Төрөппүт үлэлиир уонна элбэх оҕолоох буоллаҕына кини оросхуода элбэх буолан биир киһиэхэ түбэһэр харчыта дэлэгэйэ арыый кыра буолар. Онон бу дьиэ кэргэн өйүүр биир кэлим босуобуйа 2023 сылтан саҕалаан төлүү олоробут».

Тохсунньу ыйтан саҕалаан Саха сирин үрдүнэн биир кэлим босуобуйа 44 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөппүтүгэр, итиэннэ 800-тэн тахса хат дьахтарга анаммыта. Онон кэнники сылларга ийэ буолууну, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн, итиэннэ дьадайыыны аҕыйатыыга үлэ биллэ күүһүрдэ. Бу туһунан Ил Дархан дойду Президенин кытта көрсүһүүтүгэр бэлиэтээн турар. Дойду таһымыгар көрүллэр өйөбүл элбэх дьиэ кэргэн туһанан улахан көмө оҥоһуллар. 

Максим Афанасьев, Дьокуускай олохтооҕо: «Ийэ хапытаалын биэрбиттэрэ ону ипотекаҕа туттубуппут, кыбартыыра ылбыппыт манна. Эҥин араас босуобуйалар бааллар. Судаарыстыба көмө буолар».

Онон олоххо киирэр көмө миэрэлэр, ону тэҥэ дойду Президенэ Владимир Путин көҕүлээбит “Демография” национальнай бырайыак көмөтүнэн Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллэн, биир мөлүйүөнү куоһарбыта.