Сааскы куска көҥүлү биэрии саҕаланна
Главное
-
30 ноября в 07:44В Нюрбинском районе в результате наезда автомобиля на лошадь пострадал водитель
-
30 ноября в 06:51Заместитель гендиректора "АК "ЖДЯ" предложил построить жилой квартал в Алдане
-
30 ноября в 06:08В Горном районе зарегистрировано два ДТП с пострадавшими
-
30 ноября в 05:11Музею племенного животноводства Якутии присвоено имя Марии Маппыровой
Мэҥиэ кустар түбүктээх күннэрэ чугаһаатаҕын ахсын саҥалара улам-улам улаатан, аны сотору кэминэн хаһаайыттарын кытары сааскы булт мүлчүргэннээх сырыытыгар умса түһүөхтэрэ. Мэҥэ Хаҥалас Нөөрүктээйитигэр Арчылаан Нуолан сыллата, хас саас аайы угуйар кустары иитэн таһааран булчуттарга хамаҕатык батарар. Онон сотору кэминэн булт кэмэ саҕаланыыта бу кустар үлэлэрэ саҕаланыа.
Арчылаан Нуолан, Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтооҕо: «Булчуттар бары сокуону тутуһан - биир угуйар кус икки булчукка диэн. Хас сыл аайы маннык кыстатан 70 курдук куһу саас атыылыыбыт».
Сандал саас салаллан кэлэн истэҕин ахсын булт кэмэ чугаһаатар-чугаһаан иһэр. Саха сиригэр муус устар ый бүтүүтэ мэҥиэ куһунан бултааһын саҕаланар. Онон булка көҥүлү биэрии түһүмэҕэ саҕаланна. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна кини улуустааҕы тэрилтэлэригэр туһааннаах үлэ тэрилиннэ. Булка көҥүл ылыы быйыл туох да уларыйыыта суох ыытыллар.
Лера Ефсеева, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин булт департаменын сүрүн исписэлииһэ: «Булка көҥүл ыларга сайабылыанньа суруллар, булт билиэттээх буолуохтаахтар. Бу сайабылыанньалары биһиги министиэристибэбит территориальнай подразделенияларгар туттаран көҥүл ылыахтарын сөп. Ону таһынан МФЦ уонна Госуслуги нөҥүө эмиэ».
Уу уонна мас көтөрдөрүн бултуурга көҥүлү биэрии булт болдьоҕун 30 хонук иннинэ оҥоһуллар. Куска көҥүлү булт билиэттээх дьон ылар кыахтаах. Сахабыт сирин киэҥ иэннээх сиригэр булт больдоҕун кэмэ 11 араастаах. Онон хас улуус ахсын сааскы булт араастаһар.
Дьон сүрүннээн Госуслуга регионнааҕы портал нөҥүө булт көҥүлүн ылар буоллулар. Онон анаан-минээн тэрилтэҕэ кэлээччи аҕыйах. Мэҥиэ куһу туһаныыгаа эмиэ кэккэ уларыйыы киирдэ.
Егор Дьяконов, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин булт департаменын салайааччытын солбуйааччы: «РФ булт быраабылаларыгар уларыйыылар киирдилэр. Биир мэҥиэ куска иккиттэн элбэх булчут бултуо суохтаах. Уонна өссө биир сүрүн уларыйыы - истэппит куһу дугдаттан 300 м. иһинэн ылыллара көҥүллэнэр».
Инспектордар булчуттарга анаан өссө биир сүрүн сэрэтиилэрэ кус-хаас саҥатын үтүктэр, норуокка биллибитинэн электроманогу туһаныы бобуулааҕын санаталлар. Сааны-саадаҕы илдьэ сылдьыы, харайыы боппуруоһугар болҕойоргутугар ыҥыраллар. Сэрэҕэ суох, дьалаҕай сыһыантан хомолтолоох түгэн, соһумар сурахтар бу сезоҥҥа тахсыбаттарын туһугар хас биирдии булчуттан эппиэтинэстээх сыһыаны эрэйэр.