Саха сиригэр оҕуруотчуттарга түбүктээх кэм
Главное
-
30 ноября в 06:51Заместитель гендиректора "АК "ЖДЯ" предложил построить жилой квартал в Алдане
-
30 ноября в 06:08В Горном районе зарегистрировано два ДТП с пострадавшими
-
30 ноября в 05:11Музею племенного животноводства Якутии присвоено имя Марии Маппыровой
-
30 ноября в 04:36Якутия укрепляет сотрудничество с Киргизской Республикой
Аргуновтар дьиэ кэргэн 2011 сыллаахха 12х8 иэннээх теплица туттан, сайыннары-кыһыннары үүнээйи арааһын үүннэрэн саҕалаабытара. Теплица толору гааһынан барар, ол иһин кыһыннары сибэккигэ сөптөөх сылааһы биэрэр. Биир сайыҥҥа Аргуновтар 145 оҕуруот аһын араас көрүҥүн олордоллор. Саамай табан олордор аһынан помидор буолар. Билигин теплицэтигэр помидор 100-тэн тахса арааһа үүнэ турар, оттон кэлиэксийэтигэр 400-тэн тахса көрүҥ баар. Хас биирдии көрүҥ туттуллуутуттан көрөн араастаһар диэн Мичийэ бэлиэтээтэ.
Мичийэ Аргунова, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Кулун тутар бүтүөр дылы ситэр помидордар. Олорго Саха сиригэр аатын сүтэрбит Тэҥкэ розата диэн суорт баар уонна Сиэдэрэй диэн баар. Бу биһиги Сахабыт сирин агронома үүннэрэн таһаарбыт помидора. Кинилэр олус түргэнник ситэллэр уонна улахан көрүүгэ наадыйбаттар, бэйэлэрэ үчүгэй баҕайытык үүнэллэр».
Олунньу ыйтан пиэрэс уонна баклажан ыһыллар, оттон кулун тутарга помидор. Ол эрээри помидор түргэнник, бытааннык ситэриттэн улахан тутулуктаах. Хойуутаабыт оҕуруоччуттарга муус устар 10 күнүгэр диэри түргэнник ситэр суортары ыһыахха сөп диэн сүбэлиир. Саха сирин сайыныгар саамай таптаан үүнэр сибэккинэн петуния буолар. Петуния уонна кактус уонна скулин бары кэриэтэ көрүҥэ бу теплицэҕэ үүнэр.
Мичийэ Аргунова, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Бу калиброхоалар боростуой өҥнөөхтөр эмиэ бааллар. Бу вегетативнай суортар, утахтарынан кырыйан ылан үүннэрэҕин. Манныктар петуньяҕа эмиэ бааллар. Кинилэр үчүгэйдик уһууллар уонна эриэккэс араас өҥнөрдөөхтөр».
Арассаада үчүгэйдик үүнэригэр буорун табыаха наада диэн Мичийэ кэпсээтэ. Кини буор оҥоруутугар фитоспорины, триходерманы уонна профилактика быһыытынан эмбиотаны туттар. Билигин арассаадалара номнуо сибэккилэнэн ырааппыттара.
Агроном биир саамай таптаан үүннэрэр аһынан пепино буолар. Кини помидор аймаҕа. Амтанынан дыняҕа уонна грушаҕа маарыҥныыр. Тохсунньу ыйтан үүннэҕинэ, күһүөрү балаҕан ыйыттан ас кутар уонна саҥа дьыл саҕана номнуо ситэр.
Мичийэ Аргунова, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Элбэх сыллаах үүнээйи, кыстыыр. Дьиэтээҕи үүнээйи курдук көрөн сырыттахха эһиил эрдэттэн ас кутан саҕалыыр. Помидор курдук эрдэ хомуйуохха сөп, дьиэҕэ сытан эрэ ситэр».
Майа нэһилиэгин олохтоохторо эрэ буолбакка, Мичийэ оҕуруотун, сибэккилэрин көрө оннооҕор хоту улуустан кэлэллэр. Хас биирдии үүнээйитин көрөн-истэн, сылтан сыл кэлиэксийэтигэр саҥа көрүҥү киллэрэн уопуттуур.