Кыра эрдэхтэн эргиэн эйгэтигэр сыһыарыы
Главное
-
30 ноября в 06:51Заместитель гендиректора "АК "ЖДЯ" предложил построить жилой квартал в Алдане
-
30 ноября в 06:08В Горном районе зарегистрировано два ДТП с пострадавшими
-
30 ноября в 05:11Музею племенного животноводства Якутии присвоено имя Марии Маппыровой
-
30 ноября в 04:36Якутия укрепляет сотрудничество с Киргизской Республикой
Бук-чэй, Куочай мүөтэ, маныаха Антоновка соботунан миин - бу курдук бэйэ бородууксуйата Ньурба улууһун Антоновкатын агро хайысхалаах оскуолатыгар оҥоһуллар. Үөрэх кыһатын сүрүн сыала - оҕолору оскуола саастан харчыны хайдах өлөрөргө үөрэтии. Билигин үөрэх кыһатыгар бэлэм буолбут, ууга түргэнник суурайыллар собо миинэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ыытыллан, төрөөбүт дойдуларын ахтылҕанын таһаарар, санааларын бөҕөргөтөр, күүс биэрэр. Бу миин начаас 2 мүнүүтэ иһигэр бэлэм буолар эбит.
Валентина Титова, Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ: «Бу собо миинигэр бастаан балыгы куурдабыт, туустуубут, тумалыыбыт уонна суулаан баран бэлэм бородууксуйа буолар».
Маны таһынан манна Антоновкаҕа хомуйуллубут отоннорунан чэй олохтоохторго эмиэ сөбүлэппит. Моонньоҕонунан, хаптаҕаһынан, сугунунан, дөлүһүөнүнэн түргэнник суурайыллар бородуксуйа оскуола бизнес-инкубаторыгар оҥоһуллар. Маныаха биир салаа - мүөт буолар.
Саргылаана Фокина, Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын производственнай үөрэтиигэ маастара: «Мүөттээх ыҥырыаннан дьарыктанабыт, тоҕус тигээйи ыалын иитэммит быйыл 90кг. мүөт ылан атыыга таһаарбыппыт. Куочай диэн улахан сирдээхпит, онно туруорабыт. Улууспут баһылыга Алексей Михайлович граанынан 200 тыһ. солк. куурдар тэрил ылбыппыт. Онон отоннорбутун, балыкпытын хатараммыт бу бородуксуйа таһаарабыт».
6 кылаас үөрэнээччитэ Сайаана Львова мыыла оҥоруутун бырайыагын учууталын Галина Васильевалыын көмүскээннэр эмиэ резидент үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Сайаана мыыланы эмтээх оттору уонна мүөтү кытары ситимнээн оҥорор.
Сайаана Львова, Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ: «Бу мыыла иһигэр мүөт, оливковай, эфирнай, касторовай арыы, глицерин уонна краситель буккуйабыт. Оҥорорго чэпчэки».
Галина Васильева, Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын технологияҕа учуутала: «Мин эмтээх отунан маһынан дьарыктаммытым ыраатта. Манна бэйэбит төрүт отун туһаҕа таһааран мыыла оҥоробут».
Маны таһынан манна чүмэчи, эко-салфеткалары, эко-суумкалары, таҥаска уруһуйу, туойунан оҥоһуктары оҥороллор эбит. Бу курдук Антоновкалар оҕолору үлэҕэ-эргиэҥҥэ сыһыаран, номнуо үтүө түмүктэр бааллар.