Саха сиригэр кыстык ортолоото

103

Майя нэһиэгиттэн тэйиччи сытар Сибинньиллээх диэнинэн биллибит алааска үлэ тохтообокко барар. Петр Пивоваров бэйэтин өйдүөҕүттэн хаһаайыстыбаны көрөр-истэр. 1999 сыллаахха бастакы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсэдьиэнин Михаил Николаев бырагырааматыгар дьиэ кэргэнинэн киирэн, түргэнник ситэр салаанан дьарыктаммыттара. Онтон ыла кыра-кыралаан сайдан, хаһаайыстыбаны кэҥэттэн испиттэрэ. Бастаан сибинньэ иитиитинэн дьарыктаналлар, улууска биир тарбахха баттанар бастыҥ хаһаайыстыбанан биллэллэр. Онтон 2003 сыллаахха сир ылан, көһөн кэлбит алаастарын дьон сибинньэ алааһынан билэр буолбута.

Пётр Пивоваров, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Сайыҥҥы ыанньыгым суох. Үлэм барыта манна барар биир сиргэ. Быйыл грааҥҥа кыттыһар былаан баар. Эдэр ыччат кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктанара ордук буолуо этэ».

Сарсыарда алтаттан таайынаан Владимир Макаровтыын хотон үлэтигэр умса түһэллэр. Билигин үс ынах төрөөн турар. Биир ньирэй кырата бэрт буолан баайыллабакка, хотону тэҥҥэ көрөр-истэр.

Халлаан сылыйан кулун тутар ыйтан сүөһү таһырдьа аһыы тахсар. Оччоҕуна хотон үлэтэ арыый аҕыйыыра буолуо диэн дьон саныыр, оттон Петр оннук санаабат. Үлэ элбэҕин курдук син биир элбэх.

Сылын аайы 20 көҕөнү кыстаталлар. 2020 сылтан тартарыы тыһы куһу булка туһаныы олоххо киирбитэ. Экология уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ икки булчукка биир тартарар тыһы куһу көҥүллүүр. Онон булчуттарга атыыга да барар, бэйэлэрэ да туһаналлар.

Пётр Пивоваров, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Кус сымыытын баттатан оҕотун атыылаатахха барыстаах. Мин билигин оннук дьарыктана иликпин. Миэннэрэ сайынын күөлгэ сылдьаллар уонна бэйэлэрэ баттыыллар. Сибинньэ иитэ сылдьыбытым, онтукабын эспитим, билигин сылгы иитэбит, 25 төбөлөөхпүт».

Күн аайы сүөһүлэрин, сылгыларын көрөөрү майаттан сылдьан үлэлиииллэр. Кинилэр алаастарыгар суох кэмнэригэр, булчут ыттар эрэллээх харабыл буолаллар. Ыт-кус, сүөһү-сылгы, оннооҕор кууруса биир тэргэҥҥэ эйэ-дэмнээхтик олороллор. Петр Пивоваров бэлиэтииринэн саха киһитэ сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы көрүүнэн дьарыктанар буолаҕына дьоллоох киһинэн ааҕыныахтаах. Сайынын оҕо-уруу бу алааска тоҕуоруһа мустар, тыа сирин үлэтин сэргиир киһи үгүс буолан, бары алааска талаһаллар