Ньурба улууһун Антоновкатын "Биһик" оҕо уһуйаана саҥа сүүрээни киллэрэн үлэлиир

82

Роботехника итиэннэ аныгы технологиялар ситимнэһэн кырачаан дьон ахсааҥҥа үөрэнэр. Оттон бу маннык саҥа ньыма үөрэтиини Ньурба улууһун Антоновкатын "Биһик" оҕо уһуйаана олоххо киллэрбит. Оскуолаҕа бараары сылдьар бэлэмнэнии бөлөҕөр сылдьар оҕолорго бу дьарык саамай тоҕоостоох, манна ахсааҥҥа эрэ буолбакка ИТ эйгэтигэр оҕолор эмиэ сайдаллар.

Валентина Афанасьева, А.Г.Габышев аатынан "Биһик" оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ: «Аан бастаан 2014 сыллаахха Петрова Октябрина Семёновна фирматын кытта сибээстэһэммит, оборудование атыылаһаммыт үлэлээн саҕалаабыппыт. Ол үлэбит түмүгүнэн оҕолорбут тренербыт Владимир Николаевич Афанасьев такайыытынан өрөспүүбүлүкэтээҕи, арассыыйатааҕы уонна аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытыннылар. Оҕолорбут Кореяҕа көмүс призер буола сылдьыбыттара. Уонна бу Бүлүүтээҕи ресурснай киин буолабыт».

Манна даҕатан эттэххэ, "Биһик" иитилээччилэрэ "Деталька" диэн ааттаах улуустааҕы күрэххэ кыттаары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Оттон 60 сыл историялаах, үбүлүөйдээх дааталаах оҕо уһуйаана билигин бэлиэ даататын көрсөргө бэлэмнэнэр. Бу чэрчитинэн оҕо саадыгар араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Маныаха ааспыт сылтан Биһиктэргэ эмиэ биир саҥа сүүрээн киллэрии - ох саанан ытыыга эбии дьарык арыллыбыт. Бу спорт көрүҥүн сайыннарар соруктаах, уһуйааҥҥа физкультуураҕа инструкторынан үлэлиир Эльвира Бочкарёва киллэрбит. Оҕолорго интириэс улахан.

Эльвира Бочкарёва, А.Г.Габышев аатынан "Биһик" оҕо уһуйаанын инструктора: «Бу ньыманы Горнайга бэйэм баҕабынан баран билсибитим. Кинилэр 5-6 сыл буоллулар эрчиллибиттэрэ. Тиийэммин илэ харахпынан көрөн, сүбэлэтэн. Күһүҥҥэттэн бэйэбитигэр иҥэринэн, бырайыак суруйан, көмүскээн. Улуустааҕы күрэхтэһии ыыппыппыт онно оҕолорум хамаандаҕа 2 миэстэ буолбуттара уонна биир оҕом соҕотохтуу күрэххэ бастакы миэстэлэспитэ».

Оҕо бары өттүттэн сайдыылаах буолуохтаах диэн санаанан салайтаран ырыа абылаҥа эмиэ уһуйааҥҥа дуораһыйар. Биһиктэр музыкальнай салайааччылара Светлана Васильева Карл Орф үөрэтэр ньыматын туһанан, оҕолору инструменнарга сыһыарар.

Светлана Васильева, А.Г.Габышев аатынан "Биһик" оҕо уһуйаанын музыкальнай салайааччыта: «Биһиги блокфлейтаннан 2020 сылтан дьарыктанабыт. Дьарыкпын улахан бөлөхтөн уонна бэлэмнэнии бөлөххө үөрэтэн саҕалаабытым. Бэлэмнэнии бөлөххө тахсаннар элбэх куонкуруска кыттабыт».

Маны таһынан Олоҥхону манна эмиэ өрө туталлар. Кырачаан дьоҥҥо араас дидактическай матырыйааларынан, оонньуу ньыматынан Улуу эпоспытыгар сыһыараллар. Бу курдук Биһиктэр улууска эрэ буолбакка, бүтүн Өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө холобур буолан үлэлии-хамсыы олороллор.