Сайсары күөлүн тула научнай-практическай конференция ыытылынна
Главное
-
3 декабря в 15:05В Якутии стартовала ежегодная благотворительная акция "Ёлка добра"
-
3 декабря в 14:51Рифат Сабитов удостоен медали "За достижения" от губернатора Томской области
-
3 декабря в 14:45В Якутске запустили котельную высокой мощности в микрорайоне "Звездный"
-
3 декабря в 14:19В СВФУ применяют технологию 3D-моделирования для сохранения исторических артефактов
Сааскы күн туруутун оройо күүһүрэр кэмигэр "Айгы ситимэ" алгысчыттара алтан чуораан лыҥкынатан аал уот оттоннор, алгыс тылын эттилэр. Сайсары эбэ хотун үрдүгэр сахалыы сиэр-туом толоруллан саха норуотун ытык күөлүн харыстыыр, сайыннар сыаллаах конференция арыллар. Сүрүн сыал-сорук - Сайсары күөлүгэр ытык сир аатын иҥэрии.
Валерий Фёдоров, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнолгическай университет ректора: «Айыы Таҥара дьиэтэ диэн, олохтоох итэҕэл тэрилтэтэ уонна биһиги Өрөспүүбүлүкэбит наука академията буоламмыт, түмсэн күөлбүтүн хайдах чөлүгэр түһэрэрбитин уонна этно-култуурунай комплекс быһыытынан, духуобунай киин быһыытынан туһанабыт диэн».
Аныгы үйэ балысханнаах сайдыытын кэмигэр ытык күөлү харыстааһын, араас баараҕай тутуулартан хаххалааһын, экологическай туругун чөлүгэр түһэрии конференция сүрүн боппуруос буолла. Манна общественнаһы кытары, экология министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат салалтата, учуонайдар бары күргүөмүнэн турунан ытык сири тупсаран оҥоруу барылларын дьүүллэстилэр.
Леонид Владимиров, СӨ билимин Академиятын бэрэсидьиэнэ: «Билигин куорат маастар-былаана оҥоһуллуутугар бу айылҕа биэрбитин технологияҕа сыһыараммыт дьон доруобуйатыгар туһалаах гына биир комплекс оҥоруохтаахпыт».
Маны тэҥэ күөл тулатын көҕөрдүү, туристическай миэстэ оҥостуу, саха норуота бүттүүнэ сүгүрүйэр ытык миэстэтэ буолуохтаах диэн конференция кыттыылаахтара бары биир тыынынан эттилэр. Онно эбиитин түҥ былыр олоро сылдьыбыт ытыктанар дьоммутугар өйдөбүнньүк туруоруу боппуруоһа көтөҕүлүннэ.
Анатолий Алексеев, Гуманитарнай чинчийэр уонна аҕыйах ахсааннаах төрүт омукар кыһалҕаларын үөрэтэр институут билим аҕа үлэһитэ: «Сайсары күөлэ пааматынньык быһыытынан, историческай мэҥэ быһыытынан өссө даҕаны сайда туругура туруо диэн мин эрэнэбин. Тыгын Дархан пааматынньыгын дьүүллэһэн, бырайыагын көрөн, табыгастаах миэсэтэни булан туруорарбыт наада буолла».
Мустубут дьон толкуйдаабыттара туоларын, былааннабыттара сатанарын туһугар күн эргиирин батыһан оһуохай тылын эттилэр. Ытык сирдэригэр үҥэн-сүктэн алгыстаах алаадьыннан аһаттылар, кымыһынан күндүлээтилэр.
Конференцияҕа Сайсары күөлгэ сыһыаннаах араас хабааннаах тиэмэ таарылынна. Ол эрэн сүрүнэ биир: күөлү ытык сир оҥостуу, экологическай харысхаллаах буолуу.