Александр Гаврилович Габышев быйыл 125 сыла
Главное
-
30 ноября в 09:14В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
30 ноября в 08:28ПАО "ЛОРП" проводит подготовительные работы к началу судоремонта
-
30 ноября в 07:44В Нюрбинском районе в результате наезда автомобиля на лошадь пострадал водитель
-
30 ноября в 06:51Заместитель гендиректора "АК "ЖДЯ" предложил построить жилой квартал в Алдане
22 сыл устата Антоновка түмэлигэр бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлиир Прасковья Захарова төрөөбүт түөлбэтин историятын, сэдэх докумуоннарын, экспонаттарын барытын харайа сылдьар сүдүкэннээх үлэни оҥоро сылдьар. Түмэл харайааччытынан да, салайааччытынан да үлэлии сылдьар киһи Антоновкалар бас-көс туттар киһилэрэ Александр Габышев 125 сыллаах үбүлүөйүнэн үгүс үлэни ыыта сылдьар. Онтон биирдэстэрэ үйэтитиигэ сытар.
Прасковья Захарова, Антоновкатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта: «Аан бастаан бу матырыйааллары баһылык Самсонов Семен Иванович бэлэхтээбитэ. Бу докумоуннарга кини автобиографията, миэтирикэтэ. Бу докумуоннары ылан биһи киэн туттар киһилээхпит диэн өйдөөбүппүт».
Александр Гаврилович Габышев 1899 сыллаахха Ньурба Антоновкатыгар күн сирин көрбүтэ. Бүлүүгэ Степан Аржаковы, Исидор Бараховы кытары бииргэ үөрэнэн, ыкса доҕордоспута. Үөрэҕин бүтэрээт Мэҥэдьэк (Маалыкай), Марха оскуолаларыгар учууталлаабыта. Онно үлэлии сылдьан Октябрьскай социалистическай революция буолбутун истибитэ. Ол кэмтэн ыла Сэбиэскэй былаас бастакы дьаһалларын олоххо киллэриигэ кыттыбытынан барбыта. Тыыннааҕын тухары бэйэтин кэмигэр үгүс суолталаах үлэлэри ыыппыта.
Прасковья Захарова, Антоновкатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта: «Александр Гаврилович Ньурба улууһугар уонна Октябрьскай нэһилиэкпитигэр эрэ диэн буолбакка, Өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах киһи, Арассыыйатааҕы да диэххэ сөп. Ол иһин кини аатын умнуо суохтаахпыт. Эдэр көлүөнэ кини туһунан билиэн наада диэн этэбит. Кини төрөөбүт күнүнэн сибээстээн бу быыстапкабыт бастаан оҥоһулунна. Онтон ыһыахпыт саҕаланыахтаах, улахан кэнсиэр буолуо. Ахсынньыга дылы тэрээһиннэр элбэхтэр».
Оччотооҕу бириэмэ ыар сабыдыала - репрессия Александр Гавриловиһы эмиэ хаарыйбыта. Кини онно эриллэн, түбэһэн 8 сылга ГУЛАГ хаайыытыгар тубэспитэ. 1942 сыллаахха ытыллыбыта. Оттон 1956 сыллаахха кэргэнэ сүүрэн-көтөн, Александр Габышев реабилитацияламмыта. Онон Антонвкалар кини аатын үйэтитэргэ, кини үлэтэ өлбөөдүйэн сүппэтигэр туруулаһан туран үлэлии сылдьаллар.