Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра саҥа испиктээкили бэлэмнээтэ

99

Хорсун быһыы, күүстээх санаа, төрөөбүт дойду туһугар олоҕу толук ууруу. Аҕа дойду сэриитин ыар кэмнэригэр Краснодон куорат эдэркээн оҕолоро "Эдэр гвардия" диэн кистэлэҥ түмсүү тэринэн 47 уол, 24 кыыс буоланнар ниэмэстэри утары кыргыһан, билиэннэригэр киирэн олохторун толук уурбуттарын туһунан испэкэтээкилгэ кэпсэнэр.

Сыанаҕа үлэ күөстүү оргуйа турар. Хас биирдии артыыска оруолга киирэр улахан эппиэтинэс. Мичил Хомподоев эдэр артыыс, идэ эйгэтигэр үлэлээбитэ сылтан эрэ ордук кэм ааста. Ол да буоллар сүрүн оруолларга номнуо үгүстүк холонон турардаах. Бу сырыыга эмиэ сүрүн, Олег Кошевой оруолун оонньуур. Эдэр артыыс этэринэн долгуйуу син биир баар, ол гынан баран мэһэйдиэҕинээҕэр төттөрүтүн турукка киирэргэ көмөлөһөр диэн бигэргэтэр.

Мичил Хомподоев, сүрүн оруолу толорор артыыс: «Улахан күүстээх киһи, ол эрэн син биир оҕо буоллаҕа, 16 саастаах. Айымньытын аахпытым. Онно холобура, тапталы билиэн баҕарар, бэйэтэ хоһоон суруйар, ол иһин миэхэ чугас соҕус, бэйэм хоһоон суруйабын».

Сыанаҕа буола турар хартыынаны режиссёр салайан, чочуйан биэрэр. Александр Титигиров - үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссёра. Хас биирдии туруорар айымньытын оҕотун курдук бүөбэйдээн көрөөччүлэр дьүүллэригэр бэлэмниир. Холобур бу Александр Фадеев айымньыта оҕолору аҕа дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр улахан суолталаах роман. Онон режиссёр саннытыгар улахан эппиэтинэс түһэр.

Александр Титигиров, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссёра: «12 саастарыттан көрөр оҕолорго өйдөрүмтүө соҕус буоларыгар аныгы соҕустук оҥордубут, оҕо көрөн наһаа сылайбатын курдук. Этэҥҥэ таҕыста быһылаах дии саныыбын».

Тыйаатыр үлэһиттэрэ билиҥҥи кэмҥэ оҕолорго патриоттуу санааны иитэр тоҕоостоох диэн бэлиэтээн этэллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитэ түмүктэммитэ 79 сылыгар анаан бу айымньыны сыанаҕа көрдөрүөхтэрэ.

Алексей Павлов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта: «Патриотизм диэн биһи бэйэбит дьиэбит тэлгэһититтэн саҕаланар. Онон биһиги патриоттар буолуохтаахпыт. Бу аҕа көлүөнэ олоҕо, кинилэр олорон охсуһан ааспыт олохторо биһиэхэ холобур буолуохтаах. Ким даҕаны умнуллубат, туох даҕаны умнуллубат».

Маны таһынан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар кулун тутар 20 күнүгэр, аан дойдуга оҕо уонна эдэр көлүөнэ тыйаатырын күнүгэр уонна А.С. Пушкин күн сирин көрбүтэ 225 сылыгар анаан "Сказка о рыбаке и рыбке" диэн остуоруйаны көрдөрүөхтэрэ. Ол кэнниттэн каникул кэмнэригэр Нам, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын норуодунай тыйаатырдара кэлэн Дьокуускай олохтоохторугар оҕолорго анаммыт айымньыларын көрдөрүөхтэрэ. Салгыы оҕону иитэр-такайар испэктээкиллэргэ тыйаатыр үлэһиттэрэ кырачаан көрөөччүлэрин долгуйа күүтэллэр.