Ньурба улууһун Маарыгар саҥа оҕо уһуйаана үлэҕэ киирдэ
Главное
-
3 декабря в 15:05В Якутии стартовала ежегодная благотворительная акция "Ёлка добра"
-
3 декабря в 14:51Рифат Сабитов удостоен медали "За достижения" от губернатора Томской области
-
3 декабря в 14:45В Якутске запустили котельную высокой мощности в микрорайоне "Звездный"
-
3 декабря в 14:19В СВФУ применяют технологию 3D-моделирования для сохранения исторических артефактов
Сып-сырдык истиэнэлэр, саҥа мал-сал, оонньуурдар. Ньурба Маарыгар кэтэһиилээх оҕо уһуйаана үлэҕэ киирдэ. 7 сыллааҕыта эбийиэк сыбаайаата түспүтэ да, араас төрүөттэринэн тиһэҕэр тиийбэккэ тутуллубакка туран баран, дьэ, аанын тэлэччи арыйда. Манна биллэн туран саамай долгуйа көһүппүт дьон төрөппүттэр уонна үлэһиттэр.
Нюргуяна Иванова, "Күнчээн" оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ: «Быйыл саамай кэтэһиилээх таас уһуйааммытыгар киирдибит. Икки бөлөхтөөхпүт. Бу саамай улахан Чуораанчык бөлөхпүт, манна 20 оҕо сылдьар. Аннараа өттүбүт утуйар сир, бу өттүгэр оонньуур, аһыыр сирдэрэ буолар. Сылытыылаах муосталаах, оҕо атах сыгынньах сылдьар. Оҕолор маннык сырдык киэҥ-куоҥ уһуйааҥҥа киирэн үөрэн-көтөн. Барыта аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир».
Уһуйаан кырачаан киһи хайа да өттүттэн өйө-санаата, этэ-сиинэ сайдыылаах буола улаатарыгар туһаламмыта харахха. Холобура, манна ис бараанын дьүһүүйүүтүгэр Сунтаар дизайнер кыргыттара, эдьиийдии балыстыы Фрейзедар уһуйааны кэрэ көстүүлээх оҥорбуттара. Манна хас биирдии хос тупсаҕай.
Күнчээн оҕо уһуйаана күн бүгүн 50 иитиллээччилээх. Бэлэмнэнии, орто уонна саамай кырачааннар диэн 3 бөлөҕүнэн хайдан үлэлиир.
Евдокия Табунова, "Күнчээн" оҕо уһуйаанын сүрүн иитээччитэ: «Бырайыакка кыттамыт 2010 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи экспериментальнай былаһаакка буоламмыт үлэлээбиппит. 2017 сыллаахтан муниципальнай инновационнай былаһаакка буоламмыт биһиги кыра оҕолору төрүөхтэриттэн 3 саастарыгар диэри ийэлэрин кытары манна сылдьалларыгар сүбэлэһэр пуун тэрийбиппит».
Маныаха Күнчээннэр "Муусука барыларыгар" бырагырамманан үлэлиир. Онон саҥа уһуйааҥҥа киирэн, үлэбит өссө икки бүк күүһүрүөҕэ диэн үлэһиттэр үөрүүлэрин үллэстэллэр. Оттон бу оһо саада Өрөспүүбүлүкэ уонна улуус өйөбүлүнэн олоххо киирдэ.
Дмитрий Егоров, “Түмүк нэһилиэгэ” МТ баһылыга: «Үтүө дьыала тэрилтэ бырагырааматынан уонна биһи оройуоммут эккиэн кыттыһан сүбэлэһэн 35 миэстэлээх оҕо уһуйаана үлэҕэ киирбитэ 2016 сыллаахха сыбаайа түспүтэ, онтон саҕалаан ыалдьааһыны ааһан, ойуур баһаардарын ааһан, моһуоктары көрөн быйыл үлэҕэ киирдэ. “Ньурба автодор” тэрилтэ тутан киллэрдэ, сүрүн бэдэрээччит, Баттахов Евгений Николаевич салайааччылаах».
Уһуйаан бетон матырыйаалынан тутуллубут. Онон Маарга чахчы бастакы таас эбийиэк үлэҕэ киирэн, үлэһиттэр эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэк олохтоохторо үөрүүлэрэ үгүс.