Дойду Президенин быыбарын күннэрэ үрдүк таһымҥа аастылар
Главное
-
23 ноября в 05:05В Русском театре Якутска состоится премьера "Евгения Онегина"
-
23 ноября в 04:32Юрий Трутнев принял участие в заседании Морской коллегии России
-
23 ноября в 04:03В Якутске пройдет праздник для любителей бокса "Вызов Севера"
-
23 ноября в 03:38Благотворительная акция "Ёлка добра" стартовала в Якутске
Кулун тутар 17 чыыһылатыгар киэһэ 8 чааска Саха сирин үрдүнэн бары быыбардыыр учаастактар сабылланнар, хамыыһыйа үлэһиттэрэ куоластары ааҕы түбүгэр умса түһэллэр.
Саха сирин олохтоохторо Президиэни талыы быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыбыттара бэлиэтэннэ. Ол курдук, куоластааччы уопсай ахсааныттан 71,57 быраһыана быыбардыыр быраабын туһанна. Ордук үчүгэй көрдөрүүнү хас быыбар ахсын көхтөөхтүк кыттар нэһилиэнньэлээх улуустар буоллулар.
Евгений Федоров, СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ: «Дьон кэлиитэ хаһан да буолбатах үрдүк, 6 сыл аннараа өттүгэр бу көрдөрүүбүт 70% этэ. Өлөөн, Анаабыр улуустар 90%-тан тахса кэлиилээхтэр. 80% күөрэйбит улуустар – Таатта, Горнай, Үөһээ Бүлүү».
3 күннээх быыбар түмүгэр Владимир Путин Саха сиригэр нэһилиэнньэ куоластаабыт араҥатыттан 87,79 быраһыан итэҕэлин ылла. Дойду Президенин талыытыгар дьон бүтүн дьиэ кэргэнинэн, оҕолуун-уруулуун кэлэн куоластаабыттара. Гражданскай иэстэрин толорон, дойдубут кэскиллээх буоларын туһугар үүнэр көлүөнэҕэ быыбар суолтатын быһаарбыттара.
Клим Васильев, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Бүгүн биһи дьиэ кэргэн быыбарга оҕолорбутун кытта кэллибит. “Всей семьей” диэн бырайыак чэрчитинэн оҕолорбутун үөрэтэ такайа диэммит кэллибит».
Быыбар туох да кэһиитэ суох, сокуонунан ыйыллыбыт быраабылаларынан ыытылынна диэн киин быыбардыыр хамыһыыйа иһитиннэрэр. Бары учаастактарга уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр, итиэннэ хандьыдааттар бэрэстэбииттэллэрэ үлэлээтилэр. Быыбар ыраастык уонна дьэҥкэтик ааспытын бэлиэтииллэр.
Евгений Федоров, СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ: «Уһук Илин регионун көрдөххө биһиги Саха Сирэ 11 регионуттан 5 миэстэҕэ таҕыстыбыт. Оттон быыбар сокуон ирдэбилинэн ааста, туох даҕаны кэһии суох. Үҥсүү, халсыы биир даҕаны киирбэтэ. Иннэ гынан быыбар этэҥҥэ ааста диэн түмүккэ киирдибит».
Уопсайа Саха сиригэр 811 учаастак үлэлээтэ. Быыбар күннэригэр быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрин күүһүнэн түүннэри-күнүстэри дьуһуурустуба хас биирдии учаастакка тэриллибитэ. Нэһилиэнньэ буоларын курдук улуустарга көхтөөх кыттыыны ылла.
Эльвира Оконешникова, Майатааҕы 256-с быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ: «Бастакы күҥҥэ сарсыардаттан аҕа саастаахтарбыт кэлбиттэрэ, быйыл устудьуоннарбыт аҕыйах курдуктар. Быыбарбыт түмүктэннэ, ол иһин санаабытын ууран туран кэлэн быыбарга кыттыбыттарга махтанабыт уонна өссө инники буолаары турар быыбардарга кыттыһыахтара диэн эрэнэбит».
Быйылгы быыбар бэлиэ түгэнинэн 21 нэһилиэккэ олохтоох дьон 100 быраһыан быыбарга кыттан көхтөөх кыттыыны ылбыттара буолар.