Сахалыы тылынан албыннааһын элбиир
Главное
-
23 ноября в 05:05В Русском театре Якутска состоится премьера "Евгения Онегина"
-
23 ноября в 04:32Юрий Трутнев принял участие в заседании Морской коллегии России
-
23 ноября в 04:03В Якутске пройдет праздник для любителей бокса "Вызов Севера"
-
23 ноября в 03:38Благотворительная акция "Ёлка добра" стартовала в Якутске
Сахалыы тылынан албынныыр түөкүттэр ахсааннара күн-түүн элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр. Инньэ гынан саха сирин олохторохторун эрэлин өссө түргэнник сүүйэллэр. Холобур, билигин түөкүннээһин биир саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн “инвестиция” диэн бырагыраама буолар. Манна элбэх суруйтарааччылаах блогердартан реклама алыылаһан дьону дөбөҥнүк албынныыллар.
Анатолий Митин, СӨ ИДьМ интернет ситимигэр буруйу суох оҥоруу салаа салайааччыта: “Ыраахтан олорон албыннааһын элбээтэ. Онтон биир көрүҥэ инвестиция диэн. Тус кабинет арыйаллар уонна онно албыннатааччылар дэбиэриннэс биэрэллэр, кинилэр оннуларыгар харчыларын эргитэн биэрэллэригэр. Телефоҥҥа сыһыарыыларыгар харчылара эргийэрэ көстөр. Ол эрэн ол үбү хайдах да сатаан таһаарбаттар”.
Харчыга наадыйар дьону хабалаҕа киллэрэн, хас эмэ мөлүйүөҥҥэ албынныыллар. Дьон сымыйа харда биидьигин көрөн, чахчы түргэн харчыны өлөрүөххэ сөп эбит дии саныыллар.
Түргэн харчы оҥороору дьон араас албастарга түбэһэн биэрэр. Бэйэ туһунан хайа баҕарар туоһуну этэн биэрии олох бүдүрүйүүтүгэр тириэрдэрин санаабат киһи үгүс. Биир бүтэһик хоромньу туһунан СӨ идьм пресс службатын референа Валентин Удинов иһитиннэрдэ.
Валентин Удинов, СӨ ИдьМ пресс-сулууспатын референэ: “Икки ый устата Саха сиригэр 267 түөкүннээһин бэлиэтэннэ. Маны таһынан бу буруйга баан каартатыттан харчыны устуу эмиэ киирсэр. Маннык 109 түбэлтэ таҕыста. Бу күннэргэ Дьокуускайга 1968 сыллаах төрүөх эр киһи инвестицияҕа киирэн биэрбиттээх. Кини биир күн устата 280 тыһыынчаттан тахсаны куоттарбыт”.
Бу сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 267 түөкүннээһин быһыыта бэлиэтэннэ. Бу иһигэр баан хаартатыттан харчыны уоруу 109 түбэлтэ.