Ньурба Маарыгар оҕону иитэр дьиэ кэргэттэр волейболга күрэхтэстилэр

86

Мээчик быраҕыллан, свисток тыаһаан, оонньуу саҕаланар. Күн бүгүн Ньурба улууһун Маарын спортивнай уораҕайыгар дойдубутугар Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн оҕолору иитэ сылдьар дьиэ кэргэттэр уонна кинилэр чугас дьоннорун икки ардыгар улуус таһымнаах волейбол күрэҕэ  саҕаланна.

Бүгүҥҥү тыҥааһыннаах киирсиигэ 4 хамаанда кыттыыны ыла сылдьар: Ньурба куорат бэйэтэ, Убайааннар, Ньурбачааннар уонна күрэхтэһии хаһаайыттара Маардар.

Оонньууга бары ох курдук бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Манна биллэн туран, сүрүн күрэхтэһээччилэр да ыалдьааччылар да, иитэр ийэлэр.

Алина Николаева, Ньурба улууһун олохтооҕо: "3 саастаах оҕону опекаҕа ылбыппыт. Оҕобут билигин 17 сааһын туолла. Олох чаҕыйбакка оҕону иитиигэ ылан иһиҥ диэн сүбэлиибин".

Ньурба улууһугар бу хайысхаҕа улахан болҕомто ууруллар. Онон бу сылы тустаах оройуон киэҥ хабааннаахтык ыларга сыал -сорук туруорар. Үүммүт сылы Акана нэһилиэгиттэн саҕаламмыта.

Елена Васильева, Ньурба улууһун опекаҕа уонна иитиигэ салаатын кылаабынай исписэлииһэ: "Оҕону иитэр аҕыс дьиэ кэргэн улууска баар. Саамай элбэх оҕону Хатыы дьиэ кэргэнэ иитэр, манна 8 оҕо баар".

Онтон тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн кыыйыылахтар үрдүк ааатын Ньурбачааннар ыллылар. Оттон маннык күрэрэхтэр үгэскэ кубулуйан сыллата ыытыллыахтар.