Феодора Корнилова – Венгрия бастакы дьахтара
Главное
-
21 ноября в 14:56В Якутии отмечается рост заболеваемости ОРВИ и коронавирусной инфекции
-
21 ноября в 14:25Праздничное настроение. Новогодние ёлки установлены на главных площадях Якутска
-
21 ноября в 13:57В Якутске продолжается строительство смарт-поликлиники
-
21 ноября в 13:27Жители Усть-Майского района стали чаще замечать медведей-шатунов возле населенных пунктов
Кини сахалыы оһуору - мандары көрдөһөн ыыттарара диэн кэпсээнтэн Феодора Корнилова - Ракошига аналлаах быыстапка саҕаланар. Онтон көрдөрүүгэ араас дьэрэкээн өҥнөөх илиинэн оҥоһуктар турбуттар. Бу Саха музейа уонна Өлүөхүмэттэн төрүттээх Венгрия бастакы дьахтара буола сылдьыбыт Феодора Корнилованы кытары уһун кэмнээх доҕордоһуу түмүгэр хардарыта ыытыспыт маллара.
Туйаара Иванова, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын үлэһитэ: "50-сс кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Мария Местникова Феодора Корнилова – Ракошилыын суруйсан биһиги пуондабытыгар Венгрия уонна атын тас дойдулар искусстволарын малларын ыыппыта. 100 тахса мал биһиги пуондабытыгар харалла сытар".
Саха норуотун биир ураты дьылҕалаах дьахтара Феодора Корнилова - Ракошига аналлаах быыстапка икки ньыманан оҥоһуллубут. Ол эбэтэр экспонаттар көрдөрүүгэ турбуттар итиэннэ билиҥҥи кэм ирдэбилинэн электроннай ньыма ситэрэн - хоторон биэрэр. Онон көрөөччү Феодора Корнилова олоҕун чаҕылхай кэрчик кэмнэрнин сиһилии билсэр. Ол курдук кини аҕатын биллиилээх композиторы Федор Корниловы кытта Дьокуускайга көһөн хору салайыыга үллэспитин, онтон салгыы Москваҕа үөрэниитин, үрдүк дуоһунаска үлэлээһинин туһунан сырдатыллар.
Диана Осипова, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын Музей-дьиэтин салайааччы – методиһа: "Москваҕа үлэлээбитэ – хамсаабыта. Кини Сэбиэскэй Сойуус Үрдүкү суутун чилиэнэ уонна прокуратураҕа үлэлээбитэ. Бу маннык үлээбит дьону история билиэхтээх".
Кини бу үлэлии сылдьан Венгрия хомуньууһун көрсөн, ыал буолаллар. Матьяш Ракоши Ленины кытта ыкса үлэлэспит, онтон Сталины доҕоро буолан саха кыыһын уонна инникитин Венгрия салайааччыта буолуохтаах киһи сыбаайбалара Москваҕа кириэмилгэ буолбут. Онтон дойдутугар салайааччынан ананан барар, инньэ гынан Феодора Венгрия бастакы дьахтарын аатын сүгэр.
1949 сыллааҕы устуу Саха сирин киинэтин лиэтэпэһигэр хараллар. Манна Венгрия диктатора саха кэргэнин кытары Сэбиэскэй Сойууска кэлэ сылдьыыта көстөр. Пушкин аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр музейы көрө сылдьаллара түһэриллибит. Онтон 56 сыллаахха Венгрияҕа былаас уларыйыытыгар Ракошины усталлар. Мантан салгыы кинилэр Москваҕа, онтон Краснгодарга ити кэннэ Кыргызтааҥҥа олохсуйаллар.
Диана Осипова, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын Музей-дьиэтин салайааччы – методиһа: "Бу быыстапка биһиги дьоммутугар элбэҕи кэпсиэҕэ. Эдэр ыччаттарга бу маннык дьулуурдаах, бу маннык үөрэххэ тардыһыылаах, бу маннык норуот олоҕун тупсарарга субу курдук өйдөөх-санаалаах олоро сылдьыбыттара диэн кинилэр ааттара үйэлэргэ ааттана турар".
Бэйэтин үлэлэрин сэргэ араас омук культуратын сырдатар оҥоһуктарын ыччакка көрдөрүн диэн ыытар. Бу Фоедора Корнилова - Ракоши хайдахтаах курдук төрөөбүт дойдутун истиҥник саныырын, сайдарын туһугар кыһалларын туоһулуур.