Дьокуускайга «Күөрчэх» диэн ааттаах тэрээһин ааста
Главное
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
-
24 ноября в 08:46Интервью с заместителем начальника Якутского УГМС - начальником гидрометцентра Татьяной Маршалик
-
24 ноября в 07:41Министр строительства республики проверил ход строительства образовательных объектов в Якутске
Сарсыарда аайы саха киһитэ сөбүлээн сиэн улааппыт аһа, ийэ, эбээ сылаас илиилэринэн ытыйбыт күөрчэхтэрэ туохтааҕар да күндү буолар. Күөрчэх чөчөгөйү ытыгынан ытыйан хойуннарыллыбыт үрүҥ ас буолар. Хас биирдии саха ыала бэйэтэ оҥорор ньыымалаах күндү аһа. Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр оҕолорго анаан «Күөрчэх» маастар-кылаас ыытыллынна. Тэрээһиҥҥэ оҕолор төрөппүттэрин, эбээлэрин кытта кэлэн кытыннылар. Анна Никитина бу тэрээһиҥҥэ икки оҕону аҕалбыт. Оҕолор араас отонноох күөрчэҕи бэйэлэрэ ытыйан оҥорон, саха төрүт аһын кытта сиһилии билсиэхтэрэ диэн кэпсиир.
Анна Никитина, кыттааччы: «Биһи күөрчэх национальнай аспыт, хас биирдии ыал астанар аһылыга. Ону оҕолорбут син биир бары көрө-билэ, сии сылдьаллар онтон бүгүн бэйэлэрэ оҥорон корүөхтэрэ диэммин аҕаллым».
Күөрчэх ытыйар бэйэтэ ньыымалаах, хас быраһыаннаах сүөгэйтэн оҥорорун эмиэ тутулуктаах. Харысхан Васильев сүрүн асчыт, кини оҕолорго күөрчэҕи хайдах ытыйан оҥороллорун көрдөрдө. Саха дьоно күөрчэҕи хаһааҥҥыттан астыыр буолбуттарын, үрүҥ ас киһи доруобуйатыгар туох туһалааҕын кэпсээтэ.
Харысхан Васильев, сүрүн асчыт: «Биһи аан бастаан күөрчэхпитин тоҥоробут, сүөгэйбитин. Онтукабыт тоҥорон баран кыччабыта нуул кыраадыс буолуохтаах. Ону биһи охсоммут нууччалыы эттэххэ «мусс» оҥоруохпутун наада. Наһаа түргэнник да буолбакка, наһаа бытааннык да буолбакка - биир тэтиминэн оҥоруохха наада».
Күөрчэх амтанын уларытарга сир аһын араас көрүҥүн туһаныахха сөбүн оҕолор манна биллилэр. Анжелла Кузнецова күөрчэх саамай сөбүлүүр аһым, отонноох сиирбин ордоробун диэн этэр. Аны мантан ыла бэйэм оҥорор буолуом диэн үөрэ кэпсиир.
Анжелла Кузнецова, «Айыы кыһата» национальнай гимназия 3 кылааһын үөрэнээччитэ: «Мин күөрчэҕи собүлүүбүн. Миэхэ буоллаҕына аҕам оҥорон биэрээччи – отонноох уонна саахардаах. Ону килиэптээх сиэччибин уонна ытыгы ылан салааччыбын».
Саха төрүт аһын тарҕатыы, норуот баай уопутун үллэстии саха култууратын билиһиннэрэргэ, норуот уратытын көрдөрөргө төһүү буолар. Инникитин саха төрүт аһын араас көрүҥүн тарҕатар сыалтан маннык маастар кылаастары өссө киэҥэтэн, элбэх киһини угуйан ыытар санаалаахтар.