Дьокуускайга хомуска маастар кылаастар ыытылыннылар

152

Бастакы күн саҥа саҕалыыр дьарык, иккис күн хомуһунан матыыптары таһаара үөрэнии, оттон үһүс-төрдүс күннэргэ тэтимнээх оонньууга баҕалаахтары түмтүлэр. Өймөкөөн улууһуттан сылдьар Ирина Винокурова, омугунан эбээн, ол эрээри саха култууратын билэр санааттан, хомуска үөрэнэ кэлбит. Саха сиригэр олорор дьон төрүт үгэһи, омук култууратын кытары тэҥҥэ алтыһыахтаах диэн бэлиэтиир.

 

Ирина Винокурова, Өймөкөөн улууһун олохтооҕо: «Маастар кылааска кэллим, кыратык да буоллар оонньуурга үөрэниэххэ наада диэн сыаллаах кэллим. Билигин оһуохай маастар кылааһыгар сырыттыбыт, бэйэбит үөрэхпитигэр наада диэн. Ол иһин биһи икки өттүттэн култуурабытын билиэхтээхпит диэн кэлэн турабын».

 

Хомус түмэлэ 1990 сыллаахха сэтинньи ый 30 күнүгэр төрүттэммитэ. Бу сыллар тухары бэйэтин устуоруйатыгар аан дойду араас хомуһун түмтэ. Кэлбит ыалдьыттары хомуска оонньуурга үөрэтиэх иннинэ хомус хайдах уһаарыллан тахсарын, кылгас устуоруйатын билиһиннэрдилэр.

 

Уйгулаана Николаева: «Хомуска сыыйа тардыы бу төрүт матыыба буолар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Өрөспүүбүлүкэттэн эрэ буолбакка дойду араас регионнарыттан кэллилэр. Бүгүҥҥү маастар кылаас Норуоттар доҕордоһууларын күннэригэр ананна».

 

Бурятия өрөспүүбүлүкэтиттэн сылдьар Ыржына Лихатинова анаан-минээн бу кууруска сылдьаары кэллэ. Бастаан хомус уустарын кэрийэн бэйэтигэр сөптөөх хомуһу булан ылбыт, итиээннэ бастакы дорҕоонору таһаарга үөрэннэ. Саха култууратыгар үрдүктүк сүгүрүйэрин, уруккуттан хомуска оонньуур баҕалааҕын бэлиэтиир.

 

Ыржына Лихатинова, Бурятия өрөспүүбүлүкэтин олохтооҕо: «Пение хомусом для меня какая-то необыкновенная музыка. Впервые я услышала в Хатынге, долгане играли».

 

Сылтан сыл саха төрүт үнүстүрүмүөнүгэр интэриэс кэҥээн иһэр. Хомуска оонньооһун кэрэ матыыптары эрэ таһаарыы буолбакка, ис туругу уоскутарга, сааһыланарга биир ураты ньыма буолар.

 

Айсен Дьоллоохоп, импровизатор хомусчут, Хомус түмэлин үлэһитэ: «Сыыйа тардыы сайдан эрэр диэхпин баҕарабын. Холобура, хомуска киһи үксүн сынньанаары оонньуур. Медитация хайысхата сайдан эрэр, ол иһин дьоннор эмиэ сыыйа тардыыга үөрэнэллэр. Аныгылыы хайысха сайдан иһэр, дьоннор сэҥээрэллэр».

 

Быйыл Хомус түмэлэ Ил Дархан гыраанын ылан, оскуола саастаах оҕолору хомуска уһуйуоҕа. Кэлэр сыл ортотугар диэри анал хомуллубут хомусчуттартан турар бөлөх 10 улууһу кэрийиэҕэ. Оҕолорго кыра саастарыттан төрүт култуураны иҥэрии бу түмэл биир сүрүн үлэтэ буолар.

 

Дмитрий Бястинов, Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин дириэктэрэ: «Маннык анал төрүт буолбут ньымалары үөрэтиини биһи номнуо бэйэбит тус интернет ханаалбытыгар анаан таһааран, дьоҥҥо-сэргэҕэ босхо үөрэх быһыытынан тарҕата сылдьабыт. Оттон бу үөрэхтээһин хомуска тардыыга эрэ буолбакка наукаҕа сыһыаннаах чинчийиилэри, анал лиэксийэлэри, бу уустар бэйэлэрин семинардарын эмиэ кэмиттэн кэмигэр бу ыйга биирдэ, икки ыйга биирдэ диэн анаан тэрийэн ыытабыт».

 

Урукку сылга хомуска аан дойду виртуозтарын талыы 20 сылга биирдэ ыытыллар эбит буоллаҕына, билигин 9 сылга биирдэ ыытыллыа диэн өрөспүүбүлүкэ уурааҕын ылыммыттара. Оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар хомуска анаан туспа түһүлгэ баар буоларын ситистилэр.