Судаарыстыба көмөтүнэн үгүс дьон бэйэтин дьыалатын арынар
Главное
-
23 ноября в 00:31Прогноз погоды в Якутске на 23 ноября
-
22 ноября в 14:42Многодетным матерям Якутии вручили госнаграды в преддверии Дня матери
-
22 ноября в 14:18Борьба с киберпреступниками. Более 800 миллионов рублей похищено у якутян мошенниками
-
22 ноября в 13:56Действовать чётко и слажено. В Якутске прошли учения по ликвидации разлива нефтепродуктов
Уран тарбахтаах, иис абылаҥар кыра эрдэҕиттэн уһуйуллубут, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйигэр олорор Сандаара Прокопьева сөбүлүүр дьарыгар таба тайанан, бэйэтигэр дохуот киллэрэ сылдьар. Онно улахан төһүү социальнай хантыраак - судаарыстыбаннай бырагыраамма буолар.
Сандаара Прокопьева, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо: «350 суумманы көрбүттэрэ. Оттон мин промышленнай иистэнэр массыына ылбытым, көнө сииги тигэр уонна оверлочнай массыына ылбытым уонна скорняжнай массыына, паардыыр өтүүк, отүүктүүр дуоска, манекеннар».
Сандаара Прокопьева дьиэтин биир хоһун бэйэтигэр сөрү-сөп гына сыах-мастырскыай оҥорон быр-бааччы үлэлии олорор. Сакаас тохтоло суох киирэр диэн иистэнньэҥ үлэтин кэпсиир.
Сандаара Прокопьева, Үөһээ-Бүлүү улууһун олохтооҕо: «Коллективнай сакаас кэлэн тигэ сылдьабын, уон оҕоҕо. Биир былааччыйаны 3-4 чаас тигиэхпин сөп, туохха да аралдьыйбатахпына. Күҥҥэ 2-3 былааччыйаны бүтэрэбин. 4 хомуһуолу туохха да аралдьыйбакка биир күн иһигэр тикпитим. Сакааһым мэлдьи кэлэ турар. Бу уочараттаан сыталлар бириэмэлэрин кэтэһэн. Социальнай хантыраак боростуой эбит. Сүрүнэ докумуоннаргын лоп-баччы сырсан биэриэххин наада, уонна баҕа санааҕын этинэн. Мин бу социальнай хантыраакка киирсэн үөрэн—көтөн улахан махталбын үлэһиттэргэ тириэрдэбин».
Эмиэ тарбаҕыгар талааннаах, техникаҕа сыһыаннаах, Үөһээ Бүлүү уола Тургут Чоросов социальнай хантыраак диэни истэн, эмиэ бэйэ дьыалатын арынарга санаммыт. Билигин кини нэһилиэгэр биир тарбахха баттанар саамай тутаах киһи буола сылдьар. Олохтоохтор суотабай төлөпүөннэрин, бытовой тиэхиникэлэрин, инструменнарын онтон да атын малларын-салларын барытын Тургут оннугар түһэрэр, өрөмүөннүүр.
Тургут Чоросов, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо: «Бааһынайга үлэлии сылдьан өрөбүллэрбэр эчэйбитим, баҕанаттан сууллан. Онтон сылтаан үлэбиттэн уһулуннаҕым. Бытовой тиэхиникэ өрөмүөнэ диэнинэн ылбытым. Уһанар сэптэри, иистэнэнр массыыналары, төлөпүөн даҕаны оҥорооччубун. Билиҥҥээҥҥэ дылы оннук дьарыгыра сылдьабын».
Чахчы, бу хайысхаҕа Үөһээ-Бүлүү нэһилиэгэ ылсан улэлэһэн, быйыл номнуо 20-н тахса киһи социальнай хантыраак ылан, улэлии-хамсыы сылдьаллар. Дьыалалара орун-оруннаахтык бара турар.
Юлия Васильева, "Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ" МТ олохтоох дьаһалтатын кылаабынай исписэлииһэ: «2023 сылга Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр 23 киһи ИП, ЛПХ хайысхатынан социальнай хантыраак түһэристэ, ону таһынан “Поиск работы”, “Верный шаг” диэн хайысхаларынан 10 киһи социальнай хантыраак ылан бу бүгүҥҥү күннэргэ диэри үлэлии-хамныы олороллор. Онон социальнай хантыраак ылбыт дьоннор эрэл үөскээн улахан дьыаланы арынарга бары бэлэмнэр».
Бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаахтар уонна туохтан саҕалыылларын билбэккэ сылдьар дьон, маннык социальнай хантыраак баттаһан, олоххуттун атыннык салайыаххтын сөп.