Саха сиригэр азот-кислород оҥорон таһаарар ыстаансыйа арылынна
Главное
-
25 ноября в 06:05В Якутии открыта первая ледовая переправа на реке Лене
-
25 ноября в 05:24В Якутии определили обладателя гранта образовательной программы "Папа-предприниматель"
-
25 ноября в 04:23Жители Якутии стали лауреатами II международного конкурса молодых пианистов имени М. Жиркова
-
25 ноября в 03:43Поздравление главы Якутии Айсена Николаева с Днем Олонхо
Кислород уонна азот бары көрүҥэ оҥоһуллан тахсар ыстаансыйата бүтүннүү саҥардылынна. 1996 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир эбит буоллахтарына, быйылгыттан өссө эбии эмтэниигэ туһаныллар ыраас кислороду оҥорон таһаарар кыахтаннылар. Бу ыстаансыйа Ростехнадзор көрөр истэр 4-с кылаастаах куттааллаах оҥорон таһаарар эбийиэктэрин кэккэлэригэр киирэр. Ыарахан уонна эппиэтинэстээх үлэлээх Федор Чичигинаров бу тэрилтэҕэ үлэлээбитэ 6-с сыла буолла.
Фёдор Чичигинаров, азот-кислород ыстаансыйатын инженерэ: «Билигин Сахабыт сиригэр лиссиэнсийэ ыламмыт, ханнык баҕарар балыыһаҕа медицинскай кислород эмиэ тиэрдэр кыахтаахпыт. Ити улахан кыайыы буолар дии саныыбын. Үлэбит ис хоһоонунан, госзаданиянан убаҕас азот оҥоробут. Ол азот племенной оҕустар сиэмэлэрин тоҥороллор уонна Өрөспүүбүлүкэни биир кына тарҕаталлар».
Хас биирдии үлэһит анал үөрэҕи баран, сөп түбэһэр аттестацияны ааһар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бөдөҥ тэрилтэ дьиэтэ саҥардыллан, саҥа наадалаах тиэхиникэнэн, лабораторянан хааччылынна.
Уйгулана Николаева: «Бу саҥа тутуллубут станцияҕа биир суукка иһигэр 3.5 туонна азоту уонна 3 туонна ыраас кислороду ылаллар. Салгын бастаан киирбитин кэннэ кинини тымнытан холодильникка туруораллар. Ол кэннэ бу адсорбер диэн массыына салгыны ыраастыыр азот кислород туспа икки суолунан арахсар».
СӨ Ил Дарханын укааһынан саҥа дьиэ олоххо киирэн, 27 сыл иһигэр бастакытын толору өрөмүөннэннэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ сиэмэлээһиҥҥэ ыраас азоту оҥорон таһаарар кыахтаах тэрил турда. Азот көмөтүнэн боруода оҕустар сиэмэлэрэ хастыы эмэ сүүһүнэн сылларга хараллыахтарын сөп.
Артём Александров, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ: «Бу биһиги кубулутуу ааһан аахсыйалаах уопсастыба Сахаплемобъединение ГБУ буолан, 2017 сылтан күн-бүгүн үлэтин сааһыламмытын түмүгэр, азот эрэ оҥоруутун буолбакка, лиссиэнсийэ ылан кислород оҥоруутун кытта доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр хааччыйыыны саҕалаата. Былаан быһыытынан саҥатытыы, тутуу өттө үлэ былааннанан барыаҕа».
Тахсыбыт кислород уонна азот улахан систиэринэнилэри биир нэдиэлэнэн толороллор. Ылыллыбытын кэннэ лабораторяҕа күүстээх хонтуруолу ааһар. Оттон бу ыытыллар тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар 6 регионтан ыалдьыттыы кэллилэр. Бу регионнары кытта инникитин боруода сүөһүлэри элбэтэр туһунан утарыта сөбүлэҥи түһэристилэр.
Сиэмэ бааныгар уопсайа 260 тыыһынча дуоза хараллан сытарыттан 76 тыыһынчата саха сүөһүтүн генопуонда буолар. Хас биирдии биохранилищаҕа туонна аҥаара азот киирэр. Бу иһигэр хас биирдии мөһөөччүккэ 200 тахса, оттон улахаттарга 5 тыһынчаттан тахса дуоза сиэмэ киирэр.
Наталья Неустроева, Судаарыстыбаннай сиэмэ баанын сэбиэдиссэйэ: «1981 сыллаахтан тоҥорууга көспүппүт. Ол көһүөхпүтүттэн ыла, аан бастаан 27 тыһ. тоҥорбуппут, оттон алыы диэнтэн 1888 дуозаны тоҥоруллан, кинилэр күн-баччааҥҥа дылы бэйэтэ 14 тыһ. манна билиҥҥээҥҥэ дылы сытар».
Саҥа сиэмэ бааныгар аныгы тупсаҕай үлэ тэрилэ, лаборатория мала кэлэрэ күүтүллэр. Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын инникитэ ыыра кэҥээн сайдан иһэрин кэлии регион ыалдьыттара бэлиэтиилэр.