Нам улууһугар хаарбах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү
Главное
-
26 ноября в 12:46Жителей Якутии приглашают принять участие во Всероссийском правовом диктанте
-
26 ноября в 12:26Прокуратура организовала проверку по факту происшествия с судном на воздушной подушке на реке Лена
-
26 ноября в 12:20В Якутии разработают миграционный атлас
-
26 ноября в 12:15Гражданские выходные пройдут в Якутске
Эмэхсийбит акылаат, күөрэ-лаҥкы барбыт муоста, тыал курдат үрэ турар истиэнэтэ. Бу маннык дьиэҕэ Хамаҕатта нэһилиэгэр хас да ыал олорор. Олортон биирдэстэрэ Дунаайаптар дьиэ кэргэн. Кинилэр бу дьиэҕэ 36-с кыһыннарын кыстаан эрэллэр. Ол эрэн саҥа дьылы саҥа дьиэҕэ көрсүөхтэрэ.
Александр Дунаев, Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо: «Үөһэ этээстэр сүрдээх үчүгэйдик, ичигэстик олордубут. Аллара этээстэр олох буорайбыттара. Ону мин урут баһылыктыы сылдьан өрөмүөн үлэтин бөҕө ыыппыппыт, муостатын көтүрэн эҥин, олох баалкалара аллара түһэн хаалбыт этилэр. Онтон ити туруорсан-туруорсан дьэ саҥа дьиэҕэ көһөр үөрүүтүн үллэстээри турабыт».
Бу дьиэҕэ билигин үөһэ эрэ этээстэр олороллор. Бастакы этээскэ олорбут ыаллар ким аймахтарынан, ким атын дьиэ булунан кыһыны туоруурга күһэллэллэр.
Розалия Дунаева, Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо: «Сыбаайаҕа турар дьиэ буолан олус тымныы. Аллара олорор ыаллар кыһын олох кыстаабаттар, номнуо хаһыс да сыллара. Ыалларынан эҥин бараллар, оҕолорунан. Онон эрэй бөҕөтүн көрдүлэр, ол иһин саҥа дьиэҕэ киирэрбитигэр саамай үөрэр дьон кинилэр буоллаҕа ди, биһи эмиэ үөрэбит. Истиэнэбит эҥин хамсаата, кырыыһата дэлби баттаата».
Хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорор дьон үөрүүтүгэр, Хамаҕаттага саҥа 4 мэндиэмэннээх таас дьиэ тутулла турар. Манна үгүс ыал бу кыһын көһөн киириэхтэрэ. Билиҥҥи туругунан дьиэ ис-тас бараанын оҥорууга үлэлэр бара тураллар. Плитка ууруута, ааннары кэтэрдии, истиэнэни кырааскалааһын.
Евгений Ушницкай, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга: «Бу дьиэ Хамаҕатта нэһилиэгэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамматыгар аан бастакы дьиэбит буолар. Ол курдук бу дьиэҕэ 1986 сыллаахха тутуллубут хаарбах дьиэттэн 24 ыал көһөн кэлиэхтээхтэр. Бу дьиэбит 4 мэндиэмэннээх, 24 кыбартыыралаах».
Былырыын күһүн саҥа дьиэ бастакы тирэх сыбаайата түспүтэ. Онтон бу сааскыттан күүстээх үлэлэр саҕалананнар, билигин дьиэ силигин ситэн эрэр. Бастакы таас элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирэрин бүтүн нэһилиэк күүтэр.
Айтал Павлов: «Бу ый ахсынньы ый маҥнайгы күнүгэр тутуллан бүтэн, аны саҥа сылга диэри 24 ыал көһөн кэлиэҕэ уонна саҥа дьылы саҥа дьиэҕэ көрсүөхтэрэ».
Билиҥҥи туругунан Хамаҕатта нэһилиэгэр өссө 16 элбэх кыбартыыралаах хаарбах туруктаах дьиэ хаалан турар. Онно 60 ыал олорор. Онон бастакы дьиэ үлэҕэ киирбитин кэннэ, хаалбыт ыаллары көһөрүүгэ күүстээх үлэлэр саҕаланыахтаахтара. Оччоҕуна Кириэс-Кытылга хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорор дьон хаалыа суохтаах.