Саха сиригэр муҥха кэмэ чугаһаата

148

Анастасия Добрянцева: «Саха сиригэр муҥха кэмэ чугаһаата. Оттон билигин балыксыттар малларын-салларын тэринэ сылдьаллар. Холобур бу Быракаан олохтоохторо муҥхаҕа киирээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Кинилэр муҥхалара 100 миэтирэлээх уонна 2 кынаттаах».

 

Быракаан нэһилиэгин киин уулуссатыгар эр дьон тоҕуоруспут. Оттон киинилэр саха төрүт бултун биир көрүҥэр - муҥхаҕа бэлэмнэнэ сылдьаллар. Быракаан төрүт олохтооҕо, муҥха салайааччыта  Никифор Николаев бу күн уҥа-хаҥас илиилэрин, саамай тутаах көмөлөһөөччүлэрин кытары балыктыыр сэбиргэллэрин бэлэмнииллэр. Муҥхаларын абырахтыыллар.

 

Никифор Николаев, Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо: «Саха дьоно үлэлээн кэлбит дьарыкпыт. Кыһыны этэҥҥэ кыстыырбытыгар, хаһаанар аһылыкпыт буоллаҕа. Муҥхабыт 2017 сыллаахха Алексей Арсентьевич баһылык буолаат даҕаны муҥха атыыласпыта, онтон ыла муҥхалыыбыт».

 

Кырдьык, алта сыл бэтэрээ Быракааннар бэйэлэрэ муҥхаланан, балык бырааһынньыгар дэриэбинэ дьоно сэргэтэ бары тахсаллар.  Өбүгэ саҕаттан кэлбит күөх боллоххо сүгүрүйэр, баай байанайы уруйдуур күҥҥэ эдэрдиин эмэнньиин бары тоҕуоруһаллар. Оттон Быракааннар -  түөлбэ дьоно, муҥхалара атыттартан ураты, атын соҕус эбит.

 

Егор Яковлев, Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо: «Үөһээ Бүлүүлэр муҥхалара Илин Эҥээрдэр киэнин курдук буолбатах. Биһиэнэ күрэх диэн буолар. Холобур муҥха түсптүн кэннэ биэрээччилэр ортотугар хаалаллар уоннааҕылар дьону күөл уҥуор илдьэллэр. Мунха чугаһаабытын кэннэ хоххолуу икки оттүгэр утарыта тураллар уонна муҥха түспүтүн кэннэ күрэххэ сүүрэллэр, оччоҕуна муҥхаҕа тоһуйа сытар балык онно киириэхтээх».

 

Күрэх муҥханан Быракааннар балыктааннар, аны биир уратылара диэн көмүс хатырыктаахтары нэһилиэк олохтоохтурагар барыларыгар ирээттиилэр эбит. Холобура, атын улуустарга ким улэлээбиккэ, муҥхалаабыкка ирээттэнэр эбит буоллаҕына, тустаах дэриэбинэ муҥхаһыттара нэһилиэккэ кими да матарбат эбиттэр. Сибиэһэй хамсыы сылдьар балыгы киэһээ бары амсайаллар.

 

Афанасий Иванов, Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо: «Бу эбэттэн элбэх балык сиэниллибит буолуохтаах. Собото кыра соҕус. Манна күөл араастаах, улахан соболоох күөллэр бааллар дииллэр тэйиччи».

 

Дьэ, оттон бу өрөбүллэргэ Саха сирин үрдүнэн маассабай муҥха кэмэ саҕаланан, муҥхаһыттарга үөрүүлээх кэмнэр тосхойуохтара.