Нам улууһугар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ саҥа кыбаартал дьэндэйэр
Главное
-
23 ноября в 00:31Прогноз погоды в Якутске на 23 ноября
-
22 ноября в 14:42Многодетным матерям Якутии вручили госнаграды в преддверии Дня матери
-
22 ноября в 14:18Борьба с киберпреступниками. Более 800 миллионов рублей похищено у якутян мошенниками
-
22 ноября в 13:56Действовать чётко и слажено. В Якутске прошли учения по ликвидации разлива нефтепродуктов
Хас да кыраадыс тымныы буоллун, туман да түһэн турдун, бу манна үлэ күөстүү оргуйар. Эрбии тыаһа тохтобула суох ньиргийэн олорор. Хамаҕатта сэлиэнньэтигэр саҥа кыбаартал тутуута тэтимнээхтик ыытыллар.
3 оҕолоох Сунтаараптар дьиэ кэргэн эдэр ыаллары өйүүр бырагырааммаҕа киирсэн, үп ылан дьиэлэрин туттан саҕалаатылар. Өскөтүн билигин көҥдөйүн эрэ тутан саҕалаабыт буоллахтарына, аны биир ыйынан дьиэбитигэр киирэбит дэһэллэр.
Айаал Сунтаарап: «10-ча сыл буолла быланнаммыппыт уонна дьэ бу дьиэбитин үлэҕэ киллэрэн эрэбит. Бэдэрээлинэй бырагыраамманнан элбэх оҕолоох ыалга бэриллибит уһаайбаны туһанныбыт. Уоппут, гааспыт тардыллан киһи олохсуйарыгар усулуобуйа барыта баар буолла».
Хамаҕатта нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн 2014 сыллаахтан саҕалаан, эдэр ыалларга анаан 66 уһаайбаны тыырбыттара. Бу барыта эдэр ыаллар босхо сир ылан, дьиэ туттан, тыа сиригэр олохсуйалларыгар туһуланар. Билиҥҥи туругунан биир даҕаны учаастак ордубата.
Евгений Ушницкай, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга: «Бу кыбаарталга "Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы" бырагыраамматынан 66 уһаайбабытыгар күөх төлөн ситимэ барыта тардылынна, хас биирдии уһаайбаҕа стояктар тахсан тураллар, уотун ситимэ эмиэ тардыллан турар уонна уулусса уота бүтүннүү түмүктэннэ. Быйылгы былааннаммыт үлэ барыта олоххо киирдэ, салгыы 2024-2025 сылларга суолун оҥоһуутун былаанныыбыт»
Бу үлэлэри барытын Өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим сакаасчыт тэрилтэтэ сүрүннүүр. Икки түһүмэҕинэн уотун, күөх төлөнүн оҥорбуттара. Саҥа квартал бөһүөлэк хаҥас өттүтүгэр аны 2024 сылга диэри толору тутуллан бүтүөҕэ.
Пуд Фёдоров, СӨ биир кэлим сакаасчыт генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: «Сүрүн үлэтин Хамаҕатта нэһилиэгин дьаһалтата ыыппыта. Биһиэхэ бырайыак оҥорон биэрбитэ, ол бырайыагынан "Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы" бырагыраамманнан үлэтин ыыта сылдьабыт. Биһиги былааммытынан эһиил 2024 сыл бүтүүтүгэр барытын бүтэрэбит диэн. Бары ыал дьиэлэригэр киириэхтээхтэр. Эһиил буоллаҕына 40 хаалбыт ыалбытыгар уотунан хааччыйыы үлэтин ыытыахпыт».
Билиҥҥи туругунан 3.5 килэмиэтир усталаах күөх төлөн турбата тардылынна, 64 уот остуолбата уонна 74 уулуссаны сырдатар лаампалар турдулар.
Айтал Павлов: «Хамаҕатта нэһилиэгэр бу бырагырааманнан икки дьиэ тутуллан бүтэн үлэҕэ киирдэ. Өссө икки дьиэни тута сылдьаллар уонна эһиилгэттэн өссө күүстээх үлэлэр ыытыллыахтара».
Эһиилги сылга ордубут ыаллар дьиэлэрин туттан саҕалыахтара. Оччоҕуна Хамаҕатта нэһилиэгэ өссө кэҥээн, 60-тан тахса саҥа дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ.