Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансерга аһаҕас аан күннэрэ
Главное
-
3 января в 12:10Глава Якутии Айсен Николаев встретился с заслуженным мастером спорта России Василием Егоровым
-
3 января в 11:32Более 2 тысяч якутян получили золотые знаки отличия ГТО
-
3 января в 10:5350 крупных объектов спорта построено в Якутии с 2018 года
-
3 января в 10:37АО "Водоканал" сообщает о срочных работах в Якутске
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер иһинэн бу күһүҥҥүттэн саҥа Психотерапевтическай киин арыйан үлэлэтэн эрэр. Киин Ил Дархан өйөбүлүнэн үбүлэнэн, дьиэ-уот көрүллэн, сайын устата өрөмүөн үлэтэ ыытыллан соторутааҕыта аанын тэлэччи аста. Манна сүрүннээн араас оһолго, аварияҕа, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, нэһилиэнньэҕэ психологическай уонна психотерапевтическай көмөнү оҥороллор.
Валентина Алексеева, СӨ психоневрологическай диспансерын психотерапевт, психиатр бырааһа: "Араас ньиэрбэ ыарыылаах дьоҥҥо психологическай уонна психотерапевтическай көмөнү оҥоробут".
Саҥа кииннэ Аан дойдутааҕы психическэй доруобуйа күнүгэр дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан аһаҕас аан күнүн тэрийдилэр. Манна кэлбит дьон психотерапевт быраастары, клиническэй психологтары кытта билистилэр, психотерапия көрүҥнэрин туһунан биллилэр, итиэннэ исписэлиистэргэ консультацияҕа суруттардылар.
Людмила Атласова, психотерапевтическай киин регистратор медсиэстэрэтэ: "Кииҥҥэ көрдөрүнэ кэлбит дьоммутун көрсөбүт. Сүрүн үлэбит компьютерга, анал бырагыраамаҕа ыйдааҕы быраастар көрөр бириэмэлэрин аттарабыт".
Биллэр төрүөтүнэн кэлбит дьону көрдөрөр, уһулар бобуллар, онон көннөрү быраастары, сиэстэрэлэри кытта кэпсэттибит. Константин Кычкин быйыл психология институтун бүтэрэн үлэлии кэлбит.
Константин Кычкин, психотерапевтическай киин медицинскэй психолога: "Кииммитигэр билигин 4 спихотерапевт уонна 4 медицинэ психолога үлэлии сылдьаллар. Кииммит билигин аҥаара эрэ үлэлии турар. Атын өттө өрөмүөнэ бүтэрин, оборудование кэлэрин кэтэһэ сылдьабыт. Былаан быһыытынан сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх. Уопсайа 8 кабинет баар буолуохтаах".
Оттон үйэ аҥаара кэриэтэ ыстаастаах, үрдүк категориялаах медицинскэй сиэстэрэ Александра Филиппова психоневрологическай диспансера үлэлээбитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолбут. Бу саҥа психотерапевтическай киин аһыллан манна регистратураҕа үлэлии сылдьар.
Александра Филиппова, психотерапевтическай киин регистратор медсиэстэрэтэ: "Кэлбит ыарыһахтары барыларын көрсөбүт. Биһиэхэ улахан дьон уонна обургу оҕо псхихотерапевтара бааллар. Поликлиникаттан анааһыннаах буоллахтарына суруйтуубут".
Кииҥҥэ ким баҕалаах, долгутар кыһалҕалаах киһи кэлэн сүбэ-ама ылыан сөп. Урукку кэм халыыбынан үгүс дьон психотерапевтарга, маннык балыыһаҕа сылдьарын, көрдөрөрүн учуокка ылыахтара диэн дьиксинэр, куттанар. Ол эрээри киһи санаатынан олорор, онон дууһа,санаа туруга чөл эрэ буоллаҕына, киһи доруобай, чэгиэн сылдьар.