Хомус куттаах нэһилиэк: дьүрүскэн тыаска абылаппыттар

157

Нам улууһун Бартыһаан нэһилиэгэ хомус уутуйан олохсуйбут сирэ. Нэһилиэк  сайдар кэскилин  үлэһит дьон түстүүллэр. Бартыһаан  Өлүөнэ эбэ хаҥас кытылын батыһа сытар. Бииртэн биир тупсаҕай тутуулаах мас дьиэлэр быыстарынан саҥа суоллар кутуллубуттар,  аныгы таас тутуулар дьэндэйбиттэр.

 Манна уһуйаантан саҕалаан үс түһүмэҕинэн хомуска уһуйаллар. Кырачааннар бастаан хомус туһунан билсэллэр, илиилэрин эрчийэн, уостарын хоҥнорон, аан бастаан хомуһу илиилэригэр туталлар. Сахалыы матыыбы оонньуулларыгар саха үнүстүрүмүөннэрин хото туһаналлар. Уһуйаан оҕолорун хомусчуттарын бөлөҕө “Сыккыс” диэн ааттаах. Кырачааннар билиилэрин оскуолаҕа салгыыллар. ”Үрүйэчээн”, “Күөрэгэй” бөлөххө оскуола саастаах  хомусчуттар сатабылларын улаатан истэхтэрин аайы тупсаран иһэллэр. Кинилэр номнуо үгүс ситиһиилээхтэр.

 Ыччаты уонна нэһилиэк бэтэрээннэрин “Дьүрүл”  норуодунай ансаамбыл түмэр. Хомус кутун нэһилиэккэ иҥэрбит ытык киһи  Дмитрий Кривошапкин өҥөтүн хас биирдии олохтоох күндүтүк саныыр. Бартыһааҥҥа хомустаабат киһи диэн суоҕун кэриэтэ.

Араас идэлээх, араас кыһалҕалаах дьон хомус тыаһынан бииргэ сомоҕолоһоллор. Нэһилиэккэ кэнники сылларга тутуу тэтимнээхтик барар,  олорор усулуобуйа тупсар.

Эҥсиэли дьоллоох туонатыгар Этигэн хомус уйата буолбут  Бартыһаан нэһилиэгэ хомус дьүрүскэн тыаһыгар уйдаран дьоллоох олох суолун тутар. Олох сайдыытын кытары тэҥҥэ хаамсан инники кэскилин эрэллээхтик түстүүр.