Намҥа улуустааҕы балыыһа эмтиир корпуһун тутуута саҕаланна

54

Нам улууһун олохтоохторугар күүтүүлээх түгэн тосхойдо. Оройуоннааҕы балыыһа эмтиир корпуһун тутуута саҕаланна. Саҥа эбийиэк "Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак иитинэн олоххо киирэр. Бастакы сыбаайаны түһэрии быйыл улуус кииннэммит балыыһатын 125 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар түбэстэ. Тэрээһин аһыллытыгар үгэс быһыытынан, алгыс сиэрэ-туома ыытылынна.

 

Аан бастакынан күүтүлээх балыыһа дьиэтин тутуута саҕаламмытынан эҕэрдэ тылларын Ил Дархан, улуус салалтата эттилэр. Салгыы өр сыллаах ситиһиилээх үлэлэрин иһин махтал суруктары, бочуоттаах грамтолары, туйгун ааттары, наҕараадалары туттарыы буолла. Нам улууһун доруобуйаҕа харыстабылын бэтэрээнэ, үйэ аҥара кэм үлэлээбит Анна Саввична Жиркова, эҕэрдэ тылынан бар дьонугар тиэртэ:

 

"Улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин да аатыттан, бэйэм да доруобуйа харыстабылыгар бу 50 сыл үлэлээбит киһи быһыытынан, бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан барыгытын эҕэрдэлиибин".

 

Манна ыарыһахтар сытан эмтэнэллэригэр терапевтическэй, хирургическай, акушерскай-гинекологическай салаалар көһөн киириэхтэрэ. Билигин бу салаалар бары эргэ мас дьиэҕэ үлэлээн олороллор. Хирургия аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир икки эпэрээссийэлиир сааланан хааччыллыаҕа. Маны тэҥэ, балыыһаҕа диагностыыр сулууспа уонна суһал көмө станцията эмиэ дьиэлэниэхтэрэ. Онон улууска медицинскэй өҥө оҥоһулуута саҥа таһымҥа тахсан, олохтоохторго көрдөрүнэллэригэр, эмтэнэллэригэр туһааннаах усулуобуйа тэриллиэҕэ.

 

"Бу саҥа стационарбытыгар 3 салаа көһүөҕэ. Бастатан туран, хирургическай салаа, реанимация, эпэрээссийэлиир блок, акушерскай-гинекологическай уонна терапевтическай салаа. Ыарахан туруктаах ыарыһахтарбыт онно эмтэнэллэр", - диэн Нам улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев иһитиннэрдэ.

 

Бу кэнники сылларга Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын элбэх саҥа эбийиэктэрэ тутулуннулар. Киин куоракка эрэ буолбакка, улуустарга фельшерскай пууннар, балыыһа  комплекстара аһыллан үлэҕэ киирдилэр. Ол курдук, аҥардас быйыл республика үрдүнэн 22 саҥа балыыһа тутуллан бүтэрэ күүтүллэр.

 

Бастакы сыбаайаны түһэрии кэнниттэн, Ил Дархан саҥа тутуллан бүтэн эрэр кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин көрдө. Ааспыт сылтан 65 куойка-миэстэлээх дьиэ тутуута ыытылла турар. Билигин улахан үлэлэр номнуо үмүрүйэн, ситэрэр-хоторор үлэлэр бараллар. Саҥа социальнай эбийиэк аны биир ыйынан, алтынньы ыйга үлэҕэ киириэхтээх. Тутуу уопсай сууммата 450 мөлүйүөн солкуобай.

 

"Кэлэр да сылларга маннык үлэни салгыы ыытыахпыт. Бырайыактар элбэхтэр, сотору кэминэн Мэҥэ Хаҥаласка тутуллан киириэхтээх. Биһиги атын да улуустарга тутааһын туһунан  федеральнай киини кытта кэпсэтэ сылдьабыт. Уонна чуолаан бэлиэтиэм этэ, федеральнай киини кытта үчүгэйдик үлэлэһэммит бу эбийиэк баар буолбута. Россия правительствота үбүлээн, Республиканы кытта тэҥҥэ үлэлэһэннэр, бэрт эбийиэк баар буолла. Биһиги саастаах көлүөнэҕэ үчүгэйдик сыһыаннаһыахпытын наада уонна саҥа ньымалары киллэрэн иһиэхтээхпит", - диэн этэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

 

Кырдьаҕастар дьиэлэригэр сүрүн болҕомтону сынньалаҥҥа ууруохтара. Интэринээт тэлгэһэтигэр чэбдигирдэр физкультуранан дьарыктанарга былаһаакка, хаамарга анал ыллык баар буолуоҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ "Демография" национальнай бырайыак чэрчитинэн, Бүлүү улууһун Сосновкатыгар 150 миэстэлээх, Өлүөхүмэ куоракка 200 миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.