Кэмпэндээйигэ 150 миэстэлээх култуура дьиэтэ тутуллар

33

Кэмпэндээйи нэһилиэгэр ааспыт сылтан тутуу тыаһа тигиниир. Өр сылларга күүппүт, туруорсубут култуура дьиэтэ олохтоохтор харахтарыгар дьэндэйэр. Үлэһиттэр сатабыллаахтык туттан-хаптан дьиэ тулатын тротуардыыллар. Маныаха анаан үйэлээх буоллун диэн бетонунан куталлар.  "Култуура" национальнай бырайыагынан олоххо киирэр эбийиэк ааспыт сылга саҕаламмыта. Онон бастакы кэрдииһэ түмүктэнэн, билигин ис бараанын оҥорууга, тас өттүн тупсарыыга уонна олбуору тутуу таһымыгар тиийэн турар.

Баараҕай тутуу 1000 квадратнай миэтэрэ иэннээх, уопсайа 150 миэстэҕэ анаммыт. Сүрүн дьиэҕэ сыста турар ураһалаах, бу тутууну өссө тупсаҕай көрүҥнүүр. Киэҥ-куоҥ эбийиэк аныгы кэм ирдэбилигэр  толору эппиэттиир. Ураты кэрэ айылҕалаах Кэмпэндээйи нэһилиэгэ талба талааннаах дьоннорунан аатырар. Онон манна култуура дьиэтэ тыын суолталаах диэтэхпинэ сыыспаппын.

Евгения Эверстова, Кэмпэндээйитээҕи култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта: "Кулууппут умайбытын кэннэ, билигин олус кыра дьиэҕэ кулууптанан олоробут. Бу саҥа дьиэбит олоххо киирдэҕинэ баҕабыт хоту улахан кулуупка үлэлиэ этибит диэн үөрэн-көтөн сылдьабыт. "

Олохтоохтор сынньалаҥнарын табыгастаахтык тэрийэргэ анаан эбийиэк үгүс элбэх хостоох, киирээти кытта ыалдьыттары көрсөр киэн тыйаатыр киэниттэн итэҕэһэ суох фойелаах итиэннэ олохтоохтор бэйэлэрин ыра санааларын олоххо киллэрэр ураһалаах. Онон нэһилиэккэ култуура сайдыытыгар бары усулуобуйа сотору кэминэн баар буолуоҕа.

Евгения Эверстова, Кэмпэндээйитээҕи култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта: "Манна куруһуоктары ыытар элбэх хостоох, улахан сыаналаах буолар. Саҥа кулуупка киирбиппитинэн сибээстээн саҥа исписэлиистэр миэсэтэлэрэ көрүллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт".

Итини сэргэ тутуу түмүктэннэҕинэ манна олохтоох библиотека көһөн киириэҕэ. Оччоҕо олохтоохтор иллэҥ кэмнэрин атаарыы биир сиргэ түмүллүөҕэ. Былаан быһыытынан саҥа кулууп дьиэтэ бу сыл ахсынньытыгар олоххо киириэҕэ. оччоҕо Кэмпэндээйилэр Саҥа дьылы саҥа дьиэҕэ көрсүөхтэрэ.

"Култуура" национальнай бырайыагынан күн бүгүн Саха сиригэр 4 култуура дьиэтэ тутулла турар. Ол курдук Чурапчы Толоонугар, Сунтаар Кириэстээҕэр итиэннэ быйыл Кэмпэндээйигэ уонна Бүлүү Тыымпытыгар үлэҕэ киириэхтэрэ.

Этиллибитин курдук, Сунтаар улууһугар өссө биир култуура дьиэтин тутуу билигин тэтимнээхтик барар. Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов дойду президеныгар туруорсуута олоххо киирэн эрэр. Кириэстээхтэр саҥа эбийиэктэрэ икки этээстээх таас, толору хааччыллыылаах буолуоҕа. Уопсай үбүлээһин 180 мөлүйүөн солкуобай.

Владимир Михайлов, Үлэ Дьоруойа: "Былырыын Дьоруой буоларбар дойду президеныгар нэһилиэкпэр култуура дыбарыаһа тутуллуон баҕарарбын биллэрбитим. Ону быһаарыам диэбитэ. Онтубут хайыы үйэ акылаата түһэн, тутуу бу сааскыттан тэтимнээхтик барар".

Быйыл уопсайа "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн 500 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. бу ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ 127 мөлүйүөнүнэн элбэх. Үбүлээһин тутууну сэргэ өрөмүөннээһиҥҥэ бэрилиннэ.