Саха сиригэр хаһаайыстыбалар күөххэ үктэнэннэр, үүт дэлэйэр

37

Бартыһаан нэһилиэгин соҕотох сайылыгар сарсыардааҥҥы ыам. Үлэһиттэр уочаратынан ынах-сүөһүнү киллэрэн, ыыр аппараты холбоон үрүҥ илгэ үрүлүйэр. Ыанньыксыт Любовь Басыгдасова ынах ыыр аппараты кэтэрдэр икки ардыгар ньирэйдэрин аһатар. Быйыл кыстыгы этэҥҥэ туораан күөххэ үктэммиттэр. Төрүөхпүт эмиэ үчүгэй диир.

Күн бүгүн, хаһаайыстыба сайылыкка 27 ыанар ынаҕы уонна 20 тахса ньирэйи көһөрдө. Ол эрэн мантан сайын өссө кэтэх хаһаайыстыбалар хороҕор муостаахтарын аҕалыахтаахтар. Билигин ынахтарын күҥҥэ иккитэ ыан олороллор. Күөх от ситэ илик буолан, үүт былааннаммыт кээмэйигэр тиийэ илик.

Оттон хаһаайыстыба салайааччыта Степан Терешкин 3 сыл бэттэх тэринэн, хороҕор муостааҕы иитэн саҕалаабыт. Билигин номнуо бэйэ эрэ хаһаайыстыбатын буолбакка кэтэхтэртэн сүөһүлэрин ылан көрөр. Үүтү туттарарын таһынан бэйэтэ эмиэ соҕотуопкалыыр, нэһилиэнньэни үрүҥ аһынан хааччыйар.

"Быйылгыттан бэйэбит үүппүтүн СХП-каҕа туттарабыт. Бу ыан бүтэн баран, холодильниктан үүппүтүн ылан туттара барабыт", - диир хаһаайыстыба салайааччыта Степан Терёшкин.

Билигин хаһаайыстыба оҥорон таһаарар кээпэрэтиип буолла.  Манна даҕатан эттэххэ, билигин Нам холбос хаһаайыстыба үрүҥ ас арааһын оҥорор эрээри сыах суох буолан оҥорон таһаарар кээмэйэ намыһах. Онон инникитин улахан сыах туттан олохтоох үүт бородууксуйатын хаҥатар былааннаах. Кини билигин кэтэх хаһаайыстыбалартан үүтү тутар, итиэннэ бэйэтэ эмиэ туттарар. Оттон Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн билигин үүт сыаната 60 солкуобайга тиийэ үрдээтэ. Онон урукку кэмнэргэ курдук, үүт туттарааччы ахсаана элбээн эрэр. 

"Үүт сыаната быйыл 60 солкуобайга тиийэ улаатта. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэх, икки бүк улаатта диэххэ сөп. 64 тыһыынча тонна былааҥҥа туран, 3 млрд 840 млн сууммаҕа тэҥнэстэ. Быйылгы үбүлээһин туһунан кылгастык эттэххэ, 63,1 быраһыан үүт оройуоннарга уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга тиийэн турар. Быһа холоон, 2 млрд суумма. Бэс ыйыгар 80 быраһыаҥҥа тириэрдэр былаан турар", - диэн СӨ ТХМ аска-үөлгэ уонна оҥорон таһаарыыга салаатын салайааччыта  Егор Чичигинаров иһитиннэрдэ.

Онон быйыл тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сөптөөх үбүлээһин көрүллэн, үүт бородууксуйатын элбэтэр сыал-сорук турар. Уйгу-быйаҥ сайын эрэ буоллар, хаһаайыстыбалар үүтү дэлэччи ылыа турдахтара.