Быстах кэмҥэ дьону куотарар пууннар бэлэмнэр.

44

Улахан ууга бастакынан барар, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ сааскы халааны көрсөргө бэлэмнэнэн, эрдэтинэ нэһилиэнньэни сэрэтии үлэтэ ыытылынна.  Олохтоох дьаһалта испсиэлиистэрэ ыксаллаах быһыы-майгы буолар түгэнигэр нэһилиэнньэ ханна куотарын, сылгы-сүөһүнү ханна куоттарар туһунан сэрэтэр үлэлэр ыытыллан, нэһилиэнньэ номнуо бэлэм олорор.

Иннокентий Андросов, СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: “Бу кыһыны быһа элбэх мунньахтар ыытыллыннылар. Онно халаан содулугар түбэһиэн сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннарга сэрэтии, бэлэмнэнии үлэлэрэ бардылар”.

Билигин Дьокуускай куоракка уонна кини эргин сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга уопсайа 10 дьону быстах кэмҥэ олордор пуун баар, онно төгүрүк суукка дьуһуурустуба олохтонон турар. Табаҕа, Эргэ Табаҕа, Хатас, Пригороднай уонна Тулагы-Киллэм  нэһилиэктэрэ, бастатан туран, ууга барар кутталлаахтар, онон сүрүн болҕомто кинилэргэ ууруллар. Билиҥҥи туругунан көмүөл мууһа Дьокуускай куорат эргин ыараханнык ааһар түгэнигэр, барыллаан көрүүнэн, сүүһүнэн киһи дьиэтэ ууга барар кутталлаах

Дмитрий Садовников, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта:  “Үс нэһилиэги ылан көрдөххө 300 тахса киһи ууга барар кутталлаах диэн сабаҕалыыбыт. Ол курдук Хатаска 133, Табаҕаҕа 100 тахса уонна Пригороднайга 59 киһи. Ол эрэн бу барыллаан этии. Бу дьиэлэр эрдэ ууга барбатахтара, онон бу да сырыыга этэҥҥэ ааһыа диэн эрэнэбит”.

Бу маннык айылҕа кэрэ көстүүтүн сүүһүнэн киһи кэтээн көрөр. Көмүөл мууһун устуутун маныыллар. Олохтоохтор этэллэринэн, оскуола оҕолоро кытылга аһары чугаһаан ыксалаах быһыы-майгы үөскүөн сөп. Онон болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буолуохха наада.

Көмүөл мууһа билигин Хаҥалас сиринэн-уотунан устар. Манна барыта 12 нэһилиэк ууга барар кутталлаах. Онон кэтээн көрүү үлэтэ барар, дьон быстах кэмҥэ олорор сирдэрэ бэлэмнэнэллэр.

Марат Ахметов, Хаҥалас улууһун ыксаллаах быһыы-майгы салаатын салайааччыта: “Биһиги улууспутугар 10 гидропост баар. Мантан 8 быстах кэмнээх. Ыам ыйын 15 күнүттэн үрдүк бэлэмнээх буолуу кэмин биллэрбиппит. Хас 3 чаас аайы иһитиннэрии саҥардыллар. Күн бүгүн Хаҥалас улууһунан муус устуута нуорма быһыытынан, харыы суох”.

Өрүстэргэ муус барыыта этэҥҥэ, харыы суох. Ол эрэн кэтээн көрөөччүлэр этэллэринэн, куттал хаһан баҕар суоһуон сөп.