100 тахса быыһааччы сааскы халаан уутуттан өрүһүйэргэ бэлэм

17

9 суһал бөлөххө быһааччылары таһынан, гидрологтар уонна дэлби тэптэрээччилэр бааллар. Суһал бөлөхтөр тымныы ууттан харыстанар таҥастан-саптан ураты, мобильнэй спутник станциятынан, бадараантан, ууттан иҥнибэт тиэхиникэнэн барытынан хааччылыннылар. Туохтан да иҥнибэт тиэхиникэ быйыл тургутууну этэҥҥэ ааста. Манна 8 киһи батар, үлэлииргэ бары усулуобуйа баар. Быыһааччылар үөрэҕи аастылар, билиилэрин-сатабылларын өссө чиҥэттилэр.    

“Мин бөлөҕүм иккис нүөмэрдээх, “Алдан” диэн ааттаах. Уопсайа 14 киһи. Ыам ыйын 8 күнүгэр Алдан оройуонугар айаннаары сылдьабыт. Анарааттан бөртөлүөт кэлиэхтээх. Суһал бөлөхпүт биэс орйуону хонтуруоллуохтаах – Алдан, Уус Майа, Томпо, Таатта уонна Уус Алдан. Бастакы бөлөхтөр Таатта, Чурапчы, Ленскэй оройуоннарыгар айанныахтара. Онтон Хоту оройуоннарынан барыахтара”, - диэн 2 №-дээх суһал быыһыыр бөлөх салайааччыта, подполковник Семён Кугдаров иһитиннэрдэ.

Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков, суһал бөлөхтөр өрүс эстиитин  этэҥҥэ аһардарга, нэһилиэнньэҕэ тутатына көмө оҥорорго бэлэмнэр диэн эттэ. Региоҥҥа барыта 9 суһал бөлөх үлэлиэҕэ. Улуустарынан ыам ыйын бастакы аҥарыгар барыахтара.