“Үйэлээх полк” күргүөм хаамыыта атын көрүҥүнэн ыытыллыаҕа

33

Дойду үрдүнэн үгэс быһыытынан ыытыллар “Үйэлээх полк” күргүөм хаамыыта быйыл Россия бары регионнарыгар курдук Саха сиригэр эмиэ атын көрүҥнээх ыытыллыаҕа. Үйэтитии хайдах барарын сиһилии Саха сирин общественнай палататын бэрэссэдээтэлэ, Ем. Ярославскай аатынан Саха түмэлин дириэктэрэ Николай Бугаев кэпсээтэ:

"Быйыл “Өлбөт үйэлээх полк” 4 көрүҥүнэн буолуоҕа. Бастакы көрүҥэ – массыынаҕа хаартыска сыһыарааһын. Ханнык баҕарар массыыналаах киһи ойоҕос түннүгэр, эбэтэр иннин түннүгүн муннугар дьоруойун хаартыскатын сыһыарыан сөп. Бу автобустарга, үлэлиир массыыналарга эмиэ киириэҕэ. Иккис көрүҥ – дьоруой хаартыскалаах таҥаһы кэтээһин. Футболка, жилет, кууртка буоллун, онно дьоруой хаарыскатын бэчээттээн, кэтэн Кыайыы күнүгэр сылдьыахха сөп. Үһүс көрүҥ диэн, кистэлэҥэ суох ыам ыйын 9 күнэ – сорох дьон үлэлиир күнэ,  баһаарынайдар, суруналыыстар, полициялар буоллуннар, кинилэргэ биһиги бейдж кэттиннэр диэн сүбэлиибит. Икки өрүттээх бейдж оҥоруохха сөп. Уонна төрдүс көрүҥ, олоххо киирбит онлайн ньыма. Биһиги федеральнай уокурукпутугар улахан онлайн хаамыы буолуоҕа. Онно муус устар бүтүөр диэри хаартыскалары polkrf.ru диэн сайтка ыыттахха сөп".