Саха сиригэр ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнии көхтөөхтүк барар

21

Билигин үүнээйинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга 188 млн. суумма тыырыллар. Харчы хаһаайыстыбалар улахан аҥардарыгар тиэрдилиннэ. Бу сылга ыһыы хампаанньата барыта 49 тыһ. гектар иэннээх сиргэ барыаҕа. Хаһаайыстыбалар туорахтаах култуура сиэмэтинэн хаачыллан олороллор. Онтон сүөһү эбии аһылыгар ыһыллар сиэмэлэринэн хааччыллыы 21% ылар. Тиийбэт кээмэйи өрөспүүбүлүкэ таһыттан толорон биэриэхтэрэ.