Өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох кэриэтэ бөдөҥ хочуолунай

30

Уус Алдан улууһун Бороҕонугар Восток-1 диэн чоҕунан оттуллар өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох кэриэтэ бөдөҥ хочуолунай үлэлиир. Бырайыагы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын сайыннарыыга пуондата үбүлээтэ. Хочуолунай толору автоматизированнай, ол эбэтэр компьютерынан салайыллар. Бу хочуолунай ньиэп оттугуттан чоххо көһөн, биир сыл иһигэр 80 мөлүйүөн солкуобайы кэмчилээтэ.

"Бу хочуолунай уопсай кыамтата 10 аҥаар мг. Ититии ситимэ 20 км уһуннаах. Чохпут Харбалаах угольнай разреһыттан кэлэр. Сыл устата 10,5 тонна чоҕу туттабыт. Хочуолунай инникилээх диэн, Бороҕон илин өттүгэр суоттаныллан тутуллубута. Ол иһин мантан ыла, илиҥҥи чааһы холбуур кыахтаах диэн буолар", - диир Уус Алдан улууһун ОДьКХ тэрилтэ дириэктэрэ  Евгений Цой.

Хочуолунай чоҕунан оттуллар уонна эрдэ ньиэп оттуктаах 2 хочуолунайы солбуйар. Уопсайа 318 эбийиэги хабан ититэр. Ол эбэтэр 258 чааһынай дьиэ, элбэх кыбартыыралаах 30 дьиэ уонна 30 социальнай эбийиэк буолаллар.  Күн бүгүн саҥа хочуолунайга 20 тахса үлэһит үлэлиир.