Кыстык түмүктэнэрэ ыйтан ордук эрэ кэм хаалла

19

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр быйылгы ыһыы үлэтигэр  анаммыт сүбэ мунньах буолла. Бу сылга Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 49 тыыһыынча гектар сиргэ оҕуруот аһын, хортуоппуйу, туораахтаах култуураны, итиэннэ сүөһү эбии аһылыгын олордор сорук турар. Ыһыыга уопсайа 188 мөлүйүөн көрүллүбүтүттэн, 85% улуустарга тиэрдилиннэ. Онон  үгүс хаһаайыстыбалар  сиэмэни, уматыгы, уоҕурдууну атыылаһан эрэллэр. Ол курдук, сиэмэни Сунтаарга номнуо тиксэрбиттэр, онтон Өлүөхүмэ улууһугар тиэллиэхтээх ыһыы сиэмэтэ Аллараа Бэстээххэ бэлэмнэнэн сытар. 

“Быйылгы сылга, былырыыҥҥыттан, аһылыгы оҥорон таһаарыыга сууммабыт улаатта. Ааспыт сылга 100 мөлүйүөн эбит буоллаҕына, бу сылга 175 мөлүйүөн көрүллүөхтээх. Улуустар истиилэригэр, онно билигин сүүмэрдээһини биллэрдибит. Бу бырагырааммаҕа 21 улуус кыттыан сөп. Бүгүҥҥү күн туругунан, биир эрэ сайаапка киирэн сытар”, - диэн СӨ ТХМ үүнэйигэ, мелиорацияҕа уонна материальнай-техническэй хааччыллыыга департаменын салайааччы  Вячеслав Гаврильев иһитиннэрдэ.

Быйыл бэрт халыҥ хаардаах дьыл буолла. Бүгүҥҥү мунньахха күн-дьыл туругун  бэлиэтээн көрөөччүлэр этэллэринэн, хаарбыт муус устар ый бүтүүтэ, ыам ыйын саҥата Дьокуускайга ууллан бүтүө. Маны таһынан, сайын кураан буоларын билгэлээтилэр.